Перевод с якутского
кыччай
туохтуур
Нууччалыы строгать ножом без надобности
1 туохтуур #
, кэпс. Быһаҕынан улахан наадата суох тугу эмэ (маһы, талаҕы) кыс, кыһа оонньоо
Нууччалыы Строгать ножом без надобности
Оттомо суох чолбоодуйбут харахтаах, сэнэх таҥастаах уол -- быһаҕынан маһы кыччайан оонньуу-оонньуу, Хачыгыры хобулаан биэрдэ. Эрилик Эристиин Аҕабыт муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, быһаҕынан тугу эрэ кыччайар С. Тумат
2 туохтуур #
дьүһ. туохт., кэпс. Кыҥастаһа-кыҥастаһа, эргитэ сылдьан кичэйэн көр
Нууччалыы Внимательно, пристально смотреть, всматриваться во что-л.; рассматривать со всех сторон
Кылар буолуор диэри кыччайа-кыччайа кыҥаата. П. Тобуруокап Удьуор уустар кыҥаан-кыҥаан, кыччайан-кыччайан, аалан-нарылаан: "Саманнык буоллаҕына сөп буолуо", - диэннэр аман өстөрүнэн амалыйбыт быһыылаахтар. К. Ут кин. Ср. казах. кылчай 'смотреть сбоку'; алт. кылдьай 'быть косым'