Перевод с якутского
кылат
Нууччалыы всматриваться, пристально смотреть на кого-что-л, с трудом разглядеть
1 #
кылай диэнтэн дьаһ. туһ. Биир чүмэчилээхтэрин өлбүт кэргэнин төбөтүн аттыгар уматан кылатан кэбиһэр. "ХС". Тымтык эрэ уота кылатан сырдаппыт өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи хараҥа олоххо сахаларга ити [устаап, быраап, наҕараада] өйдөбүллэр суохтарын тэҥэ. "Кыым"
2 #
Кыҥастаһа сатаан көр, нэһиилэ, мөлтөхтүк көр
Нууччалыы Всматриваться, пристально смотреть на кого-что-л, с трудом разглядеть
Кылааска киирдэҕинэ Кылата сатаан Кылар буолар, Уруок ааҕа кэллэҕинэ Уста сатаан Одьуо буолар. А. Кондратьев Хараҕым мөлтөөн, үксүн Кыайан көрбөппүн, оттон кылаттахпына - сыыһа туппаппын. Б. Лунин (тылб.)
3 #
Туох эмэ быыһыттан уора-көстө эбэтэр хараҕын кырыытынан элэс көрөн ыл
Нууччалыы Смотреть из-за чего-л. (напр., в щель) воровато, исподтишка, краем глаза
Ол иһэн хараҕын кырыытынан кылатан көрбүтэ, Костя дьыалата киниэнинээҕэр мөлтөһүөр этэ. Н. Заболоцкай Кыратык да таһырдьаны Кылатыахпын баҕараммын, Оччоҕо муус түннүгү Оҥостон кырыатыыбын. С. Тарасов Киистэлээх плюш быыстаах ааҥҥа тиийэн, кылатан көртө - уҥа диэки дьыбааҥҥа кыһыл халааттаах Ксения Ивановна харыта кылбайан сыҥаах баттанан өттүгэстээн сытар Н. Габышев