ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

олоодуй

туохтуур

Нууччалыы всматриваться вдаль, вытягивая шею, или приподнимаясь на носки, смотреть поверх толпы

туохтуур

дьүһ. туохт. Моойу уһатан хоноччу тутун, ыраах баар туох эрэ аанньа көстүбэти эбэтэр өндөйө-өндөйө дьону үрдүнэн көрөрдүү тутун

Нууччалыы Всматриваться вдаль, вытягивая шею, или приподнимаясь на носки, смотреть поверх толпы

  • Үҥсэн ылбыт саҥа эбэтин киэҥ эйгэтин диэки олохтоохтору үрдүлэринэн одуулаан олоодуйан турда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хаар анныгар хоммут хара улар олоодуйа көтөн тиийэн, чугас турар тииккэ олоро түһэрин кытта ытан саайда.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүллүкү эмээхсинэ "яранга" ортотугар хара-аас тэллэххэ дүҥүрүн тутан, ойуун буолан олоодуйан олорор Хаарчааны көрөн, оҕонньорум дии санаан мөхтө
    Болот Боотур

«О» буукуба