ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыым

аат тыл

Нууччалыы искра.

English spark

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Уот төлөнүн ыһыллар кыырпахтара

Нууччалыы Искра. Буор сыбахтаах, муус түннүктээх, улахан саха балаҕанын үөлэһэ түүтэх кыымынан өрүкүйэ турар. Амма Аччыгыйа. Кутаа хаппыт маһы өрө салаан бачыгырайар, үөрэр-көтөр кыымынан ыһыахтанар. Н. Заболоцкай. Тыалынан күөттэнэн кыым ыһылла көттө. М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

Туох эмэ кылбачыгас бытархайа, күлүмнэс сырдыга

Нууччалыы Мелкая, блестящая, сверкающая частица чего-л.; светящаяся, блестящая точка, блестка

  • Аламай күн саҕахтан тахсаатын, Сардырҕас кыымнарын тамнаата.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Таня] төгүрүк харахтара кыымынан саҕылыннылар.
    Л. Попов
  • Сиик таммахтара оргул кыымнарынан кутулла оонньостулар.
    А. Федоров
Өссө холобурдар (1)

3 аат тыл #

Туох эмэ (санаа, үөрүү, олох, таптал о. д. а.) саҕаланан, саҕыллан, үөскээн эрэр бэлиэтэ, чинчитэ

Нууччалыы Признак, проблеск, проявление чего-л., искра (напр., чувства, надежды, любви и т. п.)

  • Уоттаах таптал кыыма Саҕылла туруоҕа.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бастаан сыттаҕына, кыра эрэл кыыма баара: баҕар туруом, баҕар ыарыым сыһыйыа диэн.
    Н. Габышев
  • Сонялыын билсиһэн, таптал кыыма сирэлийиэх курдук буола-буола, умулла сыһар.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. алт. кымын чув. хелхем, хем 'искра'

4 этии #

Этиилэр

Хараҕыттан кыым бырдаҥалаата көр харах

  • Хачыгыр харахтарыттан кыымнар бырдаҥалыы түстүлэр... Хачыгыр оҕутта: - "Абытай!.. Айакка-айаккыы!" Эрилик Эристиин

«К» буукуба