Перевод с якутского
кыырт
аат тыл
Нууччалыы ястреб
English hawk
Ис хоһооно · 4
1 #
кыыр диэнтэн дьаһ. туһ. Дьукаах олорор ойуунун албынын тутаары эмискэччи ыалдьыбыта буолан, кыырдан баран, чачыгыраччы күлбүтүнэн ойон турбут. Амма Аччыгыйа. Алталаах-сэттэлээх күөх эбириэн атыыр оҕуһу өлөрөн, этин дэлби буһаран, айылгы бөҕөнү тардан, куолуларынан Мас Өнүкүй ойууну кыырпыттар. "Чолбон"
2 аат тыл #
Көтөрдөрүнэн уонна кыра кыылларынан аһылыктанар уһун тыҥырахтаах сиэмэх көтөр
Нууччалыы Ястреб. Көрбүтүм - кыырт үөр куһу эккирэтэн таҥнары куһууран эрэр эбит. Суорун Омоллоон. Үөһэ кэтии сылдьар кыырт -- тыҥырахтарын субу, баҕыыр курдук, токуччу туппутунан супту сурулаан кэлэн, хабдьыны бу сырыыга адьас чугаһынан сиирэ-халты тэбэн ааста. Н. Заболоцкай. Ср. уйг. кирҕуй ‘ястреб-перепелятник’
3 этии #
Нууччалыы Выздороветь, поправиться окончательно
Кыырт буол - 1) букатын үтүөрэн хаал Дуораан отоһут хааннаан барыаҕыттан ыла эмээхсин кыырт буолан хаалла. Болот Боотур Аҕам оҕонньор -- улаханнык ыалдьар этэ. Билигин үтүөрэн кыырт буолбут. "ББ"; 2) сэниэлэнэн, чэбдигирэн кэл; чэпчии, сэргэхсийэ түс. Θ Набраться сил, чувствовать себя бодро, взбодриться. Үлэ ыараханын, тымныы кытаанаҕын, куйааска буһууну - барытын амсайдым ини оҕолоор! Ол барыта утарынан ааста да, эмиэ кыырт буолан -- бараҕын.
Н. ЛугиновСарсыарда Иван Петрович этэ эбии көһүйэн турбута, оттон Чиэнэ букатын кыырт буолан уһуктубута. И. Данилов
4 этии #
Куобах кыырда түөлбэ. - модьугу, модьу атах
Нууччалыы Филин. Куула өҥкөөт хоонньугар Куобах кыырда "һуулаата". Күннүк Уурастыырап. Куобах кыырдын сороҕор кулгаахтаах диэн ааттыыллар. Е. Макаров. Куула тыаҕа куобах кыырда күлэн күһүгүрээтэ. Н. Апросимов. Кыыртаах кус - эккирэтиһиилээх саха национальнай оонньуута: кыырт буолбут оҕо икки "күөл" икки ардыгар туран кус буолбут оҕолору тутар, туппут оҕото "өлбүтүнэн" ааҕыллар. Якутская национальная игра, суть которой заключается в ловле "ястребом" "уток", перелетающих попеременно из одного "озера" в другое. Кыыртаах кус буолан, эккирэтиһэ оонньуур оҕолор көрдөөх күйгүөрдэрэ иһиллэр. Сэмээр Баһылай