Перевод с якутского
кыырыктый
туохтуур
Нууччалыы начать седеть местами
1 туохтуур #
Онон-манан маҥхайан, туртайан бар (баттах, бытык туһунан)
Нууччалыы Начать седеть местами
Баттаҕа кыырыктыйбыт, бытыга маҥхайбыт. Н. Неустроев Аҕабыыт -- кыырыктыйан эрэр бытыгын уҥа илиитинэн туора сыыйталаан баран, -- олох маска кэлэн олордо. Эрилик Эристиин Харачаас ханан да кыырыктыйа илик чох хара кыргыылаах баттаҕа оҕонньору билигин да чэгиэн, тэтиэнэх көрүҥнүүр П. Филиппов
2 туохтуур #
Тунаара туртайан көһүн
Нууччалыы Быть подернутым белесой дымкой
Муора кыырыктыйбыт киэҥ куйаарын үрдүнэн тыал былыты чуоҕутар. Амма Аччыгыйа Хойуу уктаах ньэчимиэн -- кыырыктыйа саһарчы буһан, намыын тыалга долгулдьуйа турар. В. Протодьяконов Ойуур барахсан кыһын кыырыктыйа кырыардаҕына да кэрэ буолар Г. Угаров