ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыҥырай

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы перелесок с мелкими, редкими деревцами, тянущийся длинной узкой полосой между соседними аласами или озерами

1 аат тыл #

Кэккэлэһэ алаастар, сыһыылар, күөллэр икки ардыларыгар үрдүк сиргэ баар сэдэх кыра мастардаах чараас тыа, ойуур

Нууччалыы Перелесок с мелкими, редкими деревцами, тянущийся длинной узкой полосой между соседними аласами или озерами

  • Төбүлэҕи кыйа өксөйөбүн. Өр хаамтарбата - балаакка тардыллыбыт кыҥырайа бу кэллэ. Сэмээр Баһылай. [Үрүйэ] тардыылара туруору кыҥырайдарынан хаймыыламмыт-- хара маһынан саба үүммүт систэринэн быысаһаллар
    В. Миронов

2 даҕааһын #

суолт., көсп. Уһун, синньигэс (үксүн киһи сирэйин туһунан)

Нууччалыы Длинное, узкое (обычно о лице)

  • Кыҥырай сирэйдээх киһи. ПЭК СЯЯ. Абыраамап -- бу ыраас хааннаах кыҥырай сирэйдээх, саха-нуучча икки ардынан эдэр киһи саха тылын иэҕэн өйдүүрүн -- иһигэр улаханнык сөхтө.
    Л. Попов
  • "Уот иччитин ырыата сүрүөн!" - диир кыҥырай сирэйдээх биир салл аат
    ХС
  • Кыҥырай ойуур - кыҥырай 1 диэн курдук. Доргуулап утуу-субуу хотоспут сыһыылары сыыйда, сэдэх харыйа мастардаах кыҥырай тыалары быһыта түстэ.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Чараас кыҥырай ойууру быһа түһээт, мин кыра эрдэхпиттэн саамай таптыыр сирбэр биирдэ баар буолбутум. Далан

«К» буукуба