ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыһыы

аат тыл, аат

Нууччалыы обида

English resentment

Ис хоһооно · 6
I

1 аат #

кыс I диэнтэн хай. аата. [Килиим:] Бэлэмнээбит быһыылаах: сытыы быһаҕынан тоҕута-хайыта кыһыы. Суорун Омоллоон. [Дьэкиим] таптыыр, ылларбыт идэтэ - мастан быһаҕынан тугу эмэ кыһыы. Болот Боотур. Олоппос сирэйэ саамай үлэлээҕэ: хаптаһыны бэлэмнээһин, суолаҕы солооһун, бүө мастары кыһыы. "Кыым"

2 аат #

Туох эмэ биилээҕинэн чараас гына быһыллыбыт балай да кытаанах туох эмэ (үксүгэр аһы этиллэр)

Нууччалыы Что-л. тонко струганое; строганина (обычно о чем-л. съедобном). [Даарыйа эмээхсин:] Киһи хамнаһыгар, сир солооһунугар кыһыынан, кутуунан [чэйинэн] биэрэбит

  • Бастыҥ суортаах балыктан тоҥнуу кыһыы оҥостон сиэһин киэҥник тарҕанна
    Кыым
  • Оннук быһыллыбыттан биир тооромос. Θ Кусочек чего-л. струганого; кусок строганины. Болугур оҕонньор биир кыһыыны ылан айаҕар угар, ыстаан сыҥааҕын уҥуоҕа түөрэҥнээн барар
    Н. Якутскай
II

3 аат #

кыһый I, 2 диэнтэн хай. аата. Балачча барбахтыы түстүбүт, бырдах тулуппата: этим кыһыыта сүрдээх. Н. Тарабу кин

III

4 аат тыл #

Тугуҥ эмэ табыллыбатаҕыттан улаханнык хомойуу, кыйыттыы, абаланыы

Нууччалыы Досада, раздражение (особенно после разочарования)

  • Хара көлөһүнүм Халыйа саккыраан Кыайтарбыт-хотторбут Кыһыыбын көрбөттөөр?!
    П. Ойуунускай
  • Кыайтарбыт кыһыытынааҕар, саатынааҕар-суутунааҕар даҕаны оҕонньору ночоото ордук долгутара.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Петя:] Бэрт дьыала буолан баран, кыһыыҥ аастаҕына уостан хаалыаҥ
    С. Ефремов

5 аат тыл #

суолт. Туох эмэ табыллыбатаҕыттан улаханнык хомойууну, кыйыттыы-кыйаханыы түмүллүбүтүн көрдөрөр

Нууччалыы Выражает крайнюю степень досады, раздражения по поводу какой-л. неудачи. [Кууһума:] Аны уон биэс сыл бардарбын диибин

6 этии #

Нууччалыы Слова, речь, задевающие человека, причиняющие человеку боль; язвительность

  • Тыл кыһыыта - киһини кыынньыыр, кыйахыыр саҥа-иҥэ, тыл-өс Аана эмээхсин тылын кыһыытын киниэхэ аалан тахсар.
    М. Доҕордуурап
  • Кыатан тылыҥ кыһыытын, Биитэр тылгын быһа ытыр. Доҕордоһуу т. Илии кыһыыта - охсо, алдьата сатааһын. Θ Нестерпимое желание подраться, побить кого-что-л. (букв. руки чешутся или зудят). Ким да алдьаппыта биллибэт, бука мэник уолаттар илиилэрин кыһыыта буолуо. "Бэлэм буол"

«К» буукуба