ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэлтэччи

Нууччалыы не прямо, наискось

1 #

сыһ

  • Ботуруон лиэнтэтин түөһүгэр кэлтэччи бааммыт, саата суох Арамаан Дьөгүөрэп дьиэ айаҕар тахсан мадьаллан турара.
    Амма Аччыгыйа
  • [Оҕолор] сырдык хааннаах, баттаҕын кэлтэччи тарааммыт -- эдэркээн учууталы сэргии, ымсыыра көрөллөрө.
    И. Федосеев
  • Талах быһар быһаҕы араамаҕа түөрт уон биэс кыраадыстаах гына кэлтэччи олордуллар
    КТЫы
Өссө холобурдар (2)
  • Аҥаар эрэ өттүнэн. Θ С одной только стороны, с одного бока. Хоргунун кэлтэччи сиэбит чүмэчи хаста да кыракый кыымы ыһыахтаан тыһырҕаата. Софр. Данилов. Мундербек дьааһык үрдүгэр балтаччы олоруон санаата буолбат, онон кэлтэччи соҕус олорор.
    Эрилик Эристиин
  • Кэлимсэ тарҕаммыт үрүмэ былыт арҕаа диэки кэлтэччи сыҕаллан барда
    ХС

2 #

Көнөтүк буолбакка кыҥнары, ханньары, халдьы

Нууччалыы Не прямо, наискось

3 #

Аҥаардастыы, наар

Нууччалыы Лишь, только

  • Бэйэтэ тугу саҥаны билбитин, истибитин, аахпыт кинигэтин ис хоһоонун кэлтэччи сэһэргиирэ.
    Г. Колесов
  • Пасквиль - үөҕэн, кэлтэччи холуннаран суруйуу. ВГМ НСПТ. Эбээһинэһи толорбокко эрэ кэлтэччи быраабынан эрэ туһана сатааһын сокуону куруубайдык кэһии буолар
    ФММ ДЬКС

«К» буукуба