ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэлэҕэй

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы молоко отелившейся коровы на второй день после отела

I

1 аат тыл #

Төрөөбүт ынах иккис күнүнээҕи хойуу соҕус, саһархайдыҥы өҥнөөх үүтэ (уоһаҕын кэнниттэн кэлэр)

Нууччалыы Молоко отелившейся коровы на второй день после отела (густое, желтоватого цвета)

  • Ынах иккис күннээх үүтүн (кэлэҕэйин) ньирэйгэ сэрэнэн иһэрдиэххэ. ФЕИ ГЫа. Иккис күнүнээҕи үүтү ("кэлэҕэйи") иһэртэххэ ньирэй иһэ ыалдьыан сөп, ол уоһах састааба тосту уларыйыытыттан буолар
    ГНИ СҮөТ
II

2 даҕааһын #

Сорох дорҕоону хат-хат, иҥнэн хаала-хаала саҥарар (киһи)

Нууччалыы Заика (в сильной степени)

  • Мархаттан бастаан кэллэҕинэ наһаа кыыһырымтаҕай этэ, кэлэҕэйигэр тэптэрэн сатаан саҥарбат буолан хаалара.
    Н. Заболоцкай
  • Мэхээчэ, кэлэҕэйэ олус бэргээтэҕэ буолуо, саҥата суох күлүгүрэн турда.
    Л. Попов
  • Сорох оҕо -- төрүүрүгэр эмсэҕэлээбитэ кэлэҕэй буолууга тириэрдэр. КИИ ОЧСҮө
    Г. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • монг. хэлгий ‘немой’; хак. килегей; алт. келегей ‘заика’

3 этии #

Нууччалыы Заика, который не может выговорить ни слова

Этиилэр

Балыктааҕар кэлэҕэй көр балык

  • Бу, букатын саллар сааһын, үллэр үйэтин тухары биир алтан харчылааҕы эргинэн эбиммэтэх, сымыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй, киһи киэнэ муҥутуур кэнэнэ оҕонньор!
    Амма Аччыгыйа
  • Балыктааҕар кэлэҕэй, сымыыттаҕар бүтэй, им-ньим саҥата суох сылдьыбыт бүрэ уол уон тоҕустааҕар эмискэ улуу ойуун буолан турбут.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
  • Эппэт кэлэҕэй - биир тылы сатаан саҥарбат буола кэлэҕэйдиир Уол киирэр, куттаммыт, уҥуоҕа хамсаабыт, кутталыттан эппэт кэлэҕэй буолбут.
    А. Софронов
  • Кыыһырдар эбэтэр омуннурдар эрэ, эппэт кэлэҕэй буолан хаалааччы. М. Доҕордуурап

«К» буукуба