ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэнчээри

аат тыл

Нууччалыы отава.

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Ото охсуллубут сиргэ иккистээн үүммүт саҥа от

Нууччалыы Отава. Хадьымалга буоллаҕына киһини сототун ортотунан күөх кэнчээри чэлгийэ үүнэн тахсыбыт. Амма Аччыгыйа. Сүөһүлэр билигин мэччирэҥ кэнчээритин батыһан алаастары кэрийэллэрэ. Далан. [Сүөһүлэри] күһүн алаастар отторо кэбиһиллибиттэрин кэннэ кэнчээригэ киллэрбиппит. ПДН ТБКЭ

2 аат тыл #

Саҥа тахсан эрэр үүнээйи, үүнээйи эдэрэ

Нууччалыы Молодое растение

  • Биир киилэ сиэмэттэн уон киилэ чээл күөх кэнчээри үүнэн тахсыбыт.
    И. Данилов
  • Куруҥҥа, маһа кэрдиллибит тыаҕа -- сыалаах мас саҥа тахсыбыт кэнчээритэ бөлкөйүнэн үүммүтүн көрүөххэ сөп. ЕОВ ССТБ. Хойутаан тахсар сибэкки кэнчээрилэрэ таҕыстахтарына тута быһан иһиллиэхтээх
    САССР КОА

3 аат тыл #

Үүнэн иһэр көлүөнэ, ыччат

Нууччалыы Подрастающее поколение, молодежь

  • Билигин Уйбаан кэриэһэ өлбөөдүйбэккэ кэнчээрилэргэ бэриллэн иһиэҕэ.
    М. Ефимов
  • Ыллыыр ырыаҥ -- Кэнэҕэски кэлэр кэнчээри Кэхтибэт кэскилин Кэпсии турдун!
    С. Зверев
  • Үтүө санаалаах киһи үчүгэй, үгүс кэнчээрилээх.
    А. Кривошапкин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. кэнч ‘ребенок, детеныш животных’; монг. хэнз ‘вторая трава (вырастающая к осени после покоса), родившийся осенью’; тюрк. генч ‘молодой’

4 этии #

Нууччалыы Молодое, подрастающее поколение

  • Кэнчээри ыччат үрд. - үүнэн иһэр көлүөнэ, эдэр ыччат Кэннигэр хаалларар кэнчээри ыччата суох киһиэхэ орто дойду олоҕо - көрүнньүк.
    Н. Лугинов
  • Кэнчээри ыччаппар Алгыс тылбын аныыр Аламай күнүм арылынна.
    С. Зверев
  • Геройдар тустарынан кэнчээри ыччаттарга тугу кэпсиибит, кинилэр холобурдарыгар үүнэр көлүөнэни хайдах иитэбит?
    ВНГ ГОПХ

«К» буукуба