Перевод с якутского
кэнчээрилээ
туохтуур
Нууччалыы покрываться вновь отавой
1 туохтуур #
Охсуллубут сиргэ иккистээн саҥа от үүн
Нууччалыы Покрываться вновь отавой
Алаастар кэнчээрилээн чэлгийдилэр, Ынахтар, сылгылар онно мэччийдилэр. С. Васильев Кэнчээрилээбит сыһыылар кэрэтийэ сырдыыллар. "Кыым". Ардахтаах сайын ходуһалар күүскэ кэнчээрилииллэр. ПНИ ИС Хойутаан, кэмин аһаран баран таҕыс, үүн (үүнээйи туһунан). Θ Давать запоздалые всходы, ростки. Бурдук кэнчээрилээн хаалан ситэ буспатаҕа, ол хомууру бэркэ тарпыта. САССР КОА. Үүнээйилэр умнастарын төрдүлэригэр хас да сэбирдэх хаалан тымныы түһүөр диэри кэнчээрилиэхтээхтэр уонна силис моонньоҕор эһиил үүнэр үнүгэстэри үөскэтиэхтээхтэр. ПАК НТ
2 туохтуур #
Уускун салгыыр ыччаттан, көлүөнэлэн
Нууччалыы Иметь продолжателей рода, потомков
Онтон ыла Бэһиэлэйэп аймаҕа эмиэ кэнчээрилээн, байан-тайан сириэдийэн испит, эмиэ чэгиэн-чэбдик ыччаттанан [испит]. Амма Аччыгыйа Соҕотоҕун муммут мин баарбын. Ачаалаабатах мин баарбын, кэнчээрилээбэтэх мин баарбын.
Суорун ОмоллоонУрааҥхай бөҕөнөн ууһааҥ, киһи бөҕөнөн кэнчээрилээҥ Эрилик Эристиин