Перевод с якутского
кэрдиистээ
туохтуур
Нууччалыы делать зарубки, насечки, засечки
1 туохтуур #
Быһан, кэрдэн, оҥон олуктары, кэрдиистэри оҥор
Нууччалыы Делать зарубки, насечки, засечки
Күһүҥҥү улахан эмис балыгы иһин ылан, уҥуоҕун ылҕаан баран кэрдиистээн, аргыга ыйаан күн уотугар хатараллара, буруоҕа ыһаараллара Далан
2 туохтуур #
Туруору быһан, оҥон ойуулаа, киэргэт
Нууччалыы Украшать что-л. выбитыми вертикально геометрическими рисунками, национальным орнаментом
Бэһинэн эҥин-эҥинник сарбынньахтаан, кэрдиистээн оҥоһуллубут таҥара олоҕун түөрт-биэс сиринэн чүмэчи уота быһыта сиэбит. Эрилик Эристиин Санаа кэрэҕэ дьулуурун Тула ойуунан кэрдиистээн, Эйигин, күндү чороонум, кэрэмэс хаалларбыт Айыы Сээн П. Тулааһынап
3 туохтуур #
Тугу эмэ кирилиэс, үктэл курдук оҥор
Нууччалыы Делать, выстраивать что-л. лесенкой, ступеньками
Аны хоһооннорун дуомун кирилиэстии кэрдибиттэр, кэрэниистээн, кэрдиистээн, кэккэлэтэн, кэчигирэтэн түһэрбиттэр С. Тимофеев