Перевод с якутского
кэриэстээх
даҕааһын
Нууччалыы почитаемый, памятный, свято хранимый. (Оннооҕор) биир хоммут отуу кэриэстээх
1 даҕааһын #
Умнуллубат, күндү, кэриэс курдук өйдөнөр
Нууччалыы Почитаемый, памятный, свято хранимый. (Оннооҕор) биир хоммут отуу кэриэстээх (өс ном.)
Өлбөт кэриэстээх буойун төлөпүөнүн ситим боробулуохата быстыбытын холбуу ытырбытынан өлбүтэ.
Суорун ОмоллоонАтынтан атыны тиһэммин Анараа ааһабын, Кэриэстээх уҥуохха кэлэммин Киэпкэбин устабын А. Абаҕыыныскай
2 этии #
Сурт кэриэстээх (өтөх төҥүргэстээх) - бэйэтэ өллөҕүнэ даҕаны кэннигэр хаалларар, аатын ааттатар киһилээх, нэһилиэнньиктээх "Сурт кэриэстээх" - диэн саха халтайга эппэтэҕэ, Үтүө дьыала хагдарыйбакка Үүнүө үгүс үйэҕэ! Эллэй. Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх! - Ааспыт олох суолларын ырытан, Аныгы да ыччат билиэхтээх. Л. Попов
Нууччалыы Имеет продолжателя рода, наследника