Перевод с якутского
кэтирээһин
аат тыл
Нууччалыы рост в ширину, расширение; значительный количественный рост
1 аат тыл #
Туох эмэ туоратынан улаатыыта; элбээн дэлэйэн барыыта
Нууччалыы Рост в ширину, расширение; значительный количественный рост
Суол кэтирээһинэ. Былыт кэтирээһинэ. Өскө худуоһунньук дьоҕура кэриҥэ кэтирээһинин эрэ өттүнэн сайдар, дириҥээһинин өттүнэн сайдыбат буоллаҕына, кини сотору кэхтэр С. Данилов
2 аат тыл #
геогр. Сир ньуурун хайа эмэ туочуката экватортан ырааҕа кыраадыһынан көрдөрүллүүтэ
Нууччалыы Широта (географическая)
Халыма уонна Дьааҥы сылгылара биир географическай кэтирээһиҥҥэ эрээрилэр, үөскээбит эйгэлэрин айылҕата уонна аһыыр аһылыктара улаханнык уратыланар. АНП СЭЭ. Остуолга хаарта түспүтэ, онно биэрэк чугаһынан муора дириҥэ, усталааһына уонна кэтирээһинэ ыйыллыбыт томтордорун, саппыйаларын уонна тумустарын аттара ыйыллыбыттар этэ. Р. Стивенсон Хотугу кэтирээһин онус эбэтэр уон иккис кыраадыһыгар тиийдэхпитинэ, Африка материгар эргиллиэхпит диэн суоттаммыппыт. Д. Дефо (тылб.)