ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэннэн

туохтуур

Нууччалыы иметь ширину, поверхность, площадь

1 туохтуур #

Иэннээх буол

Нууччалыы Иметь ширину, поверхность, площадь

  • Үрэхчээн, улам холкутуйан, улам сырыынньа сыырданан, кэҥэс иэннэнэн истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Уһулута ойон тахсыбыт муустар лаампа чаҕыл сырдыгар күөх толбоннонон, килэркэй иэннэнэн ылаллар.
    С. Федоров
  • Витим уута эбиллэрин кытта, Лена улуутуйар, улаатар, муора курдук киэҥ иэннэнэр. Б. Лунин (тылб.)

2 этии #

Этиилэр

Тараах иэннэн көр тараах иэннээ

  • Тараах иэннэммит, кулугур кулгаахтаммыт, аатым-суолум алдьаммыт, дьолум-соргум тохтубут дьахтары, миигин, ким ылыай.
    Эрилик Эристиин
  • "Уордаах Чоочо оруоскатыттан тараах иэннэниэм, кулугур кулгаахтаныам кэриэтэ, хара тыа ордууламмытым ордук," –диэбитэ Баһылай.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • [Дворяннар уонна помещиктар] Россия норуота хара көлөһүнүн тоҕон, этирик түөстэнэн, тараах иэннэнэн, умса-төннө түһэн туран оҥорбут, туппут, айбыт материальнай, духовнай баайын-дуолун сүүһүнэн сыллар тухары супту уулаан, байан-тайан олорбуттара. ФММ ДьКС

«И» буукуба