ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кээдьэҥнээ

туохтуур

Нууччалыы ходить вразвалку или слегка раскачиваясь. [Сэкирэтээр] - биһиги бэйэбит бодоруһан хаалбыт табаарыспыт, кыратык кээдьэҥнээн хаамар, -- сүрдээх үчүгэй майгылаах уонна үлэҕэ кытаанах, толорумтуо киһи

1 туохтуур #

Оргуу й аҕай иэҕэлдьийэн, хаадьаҥнаан хаамп (көнө эбэтэр кэдэгэрдиҥи систээх киһи туһунан)

Нууччалыы Ходить вразвалку или слегка раскачиваясь. [Сэкирэтээр] - биһиги бэйэбит бодоруһан хаалбыт табаарыспыт, кыратык кээдьэҥнээн хаамар, -- сүрдээх үчүгэй майгылаах уонна үлэҕэ кытаанах, толорумтуо киһи

  • Ону [сиэрдийэни] суллуу суора-суора, Остуолба үүтүгэр симэр, Кэннинэн тэйэн көрө-көрө, Кээдьэҥниир, тиэтэйэр, өрүтэ сыҥар
    С. Васильев

2 туохтуур #

Сөптөөх быһаарыыны ыларгын ыарырҕат, саарбаҕалаа, мунаар

Нууччалыы Затрудняться в принятии того или иного решения по какому-л. вопросу, сомневаться, колебаться

  • Оноҕочоон Чоохоон толкуйдаабыта, кэрэйбитэ буолан кээдьэҥнээн баран: "- Арай, баайгыт аҥаарын биэрэргит буоллар, бу дьыала иннэ диэн эһигини тылга иҥнибэт гына оҥоруом этэ", - диир.
    Саха фольк
  • Бүгүн киһи элбээтэ. Урут хамначчыттар сойуустарын мунньаҕар диэҥҥэ саарбахтаан, кээдьэҥнээн, кэлбэтэхтэр эмиэ бааллар
    А. Сыромятникова

«К» буукуба