Перевод с якутского
кэһиэх
аат тыл
Нууччалыы накипь
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Оргутарга, буһарарга иһиккэ ас сыстан хаалбыта (хол., үүтү оргутарга, хааһыны буһарарга)
Нууччалыы Накипь (на дне, стенках посуды)
Манна [тайҕаҕа] кутталтан куотуом, дууһабар сөҥмүт кэһиэҕи сайгыам диэн санаалааҕа. М. Ефимов Уу адьас кытыытыгар солуур кэһиэҕин курдук араҕастыҥы өҥнөөх туус үллэр эбит. И. Данилов Үүтү оргуппут иһит түгэҕэр кэһиэх үөскээччи. Ити үксэ үүт белогуттан - альбуминтан үөскүүр. СЕТ ҮА
2 аат тыл #
Кэһиэҕи ыраастыырга туттуллар тимир сэп
Нууччалыы Скребок (для очистки нагара со стенок посуды)
Мин иэччэхтээх иэтим дьэбиннириэ суоҕа, кэдэгэр кэһиэҕим бэттиэ суоҕа: оҕом Айаал кинилэри көмүстүү өҥнүөҕэ, күннүү күлүмнэтиэҕэ.
Суорун ОмоллоонСр. др. -тюрк. кез 'нагар от молока и других продуктов на дне кастрюли'; хак. кис 'накипь (в самоваре, чайнике)'
3 этии #
Кэһиэх лабыкта - сыгынньах таастарга үүнэр кэриэрбит кэһиэххэ маарынныыр өҥнөөх лабыкта
Нууччалыы Разновидность ягеля, растущая на скалах
4 #
көр кэһэх. Оҕонньор кэһиэҕиттэн (саадаҕыттан) үс оҕу сулбу тардан таһаарар. Саха фольк