ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күлүктээх

даҕааһын

Нууччалыы тенистый, прохладный, затененный

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

даҕ

  • Тыһаҕастар кутуруктарын хоротон баран, күлүктээх арыы диэки ойуоккаластылар.
    Л. Попов
  • Күлүктээх уһун дьулугурас тииттэр быыстарынан ыллык суолунан хаамыстыбыт.
    С. Тарасов
  • Түүн үөһэ. Күлүктээх саад иһэ. Туолбут ый толонноох сандала Тунааран ый сэлэ мас быыһынан санньыйар
    А. Абаҕыыныскай

2 даҕааһын #

Күлүгү түһэрэр, сөрүүн, хаххалаах

Нууччалыы Тенистый, прохладный, затененный

3 даҕааһын #

Улахан, көстүүлээх, астык

Нууччалыы Внушительный, видный, значительный

  • Баар эрэ күлүктээх сүөһүм, көлүнэр көлөм ол түөртэн кунан эрэ дии, онтукабын ыллаҕына ыал аатыттан ааһаа инибин.
    А. Софронов
  • Сайын Бүлүү өрүс устун уһуннахха, Сунтаар үөһээ өттүттэн Ленаҕа киириэххэ диэри, биир эмэ күлүктээх маһы көрбөккүн
    Кыым
  • Дьоҥҥо биллэр-көстөр, ордук улахан балаһыанньалаах. Θ Имеющий особое положение, известный, авторитетный. Онтон биһиги дойдуттан буоллаҕыҥ дии, куорат сиргэ, арыычча күлүктээх үлэһиппит диэн эн эрэ, онон көмөлөс
    С. Ефремов

4 даҕааһын #

Үчүгэйэ суох, куһаҕан

Нууччалыы Недобрый, неблаговидный

  • Отчуот обсерватория уопсай аатыгар күлүктээх санааны хаалларбыт.
    В. Яковлев
  • Олоххо утарсыылар, күлүктээх өрүттэр, итэҕэстэр аҕыйаҕа суохтар
    ХС

5 этии #

Уол оҕо үс күлүктээҕэ - булугас-талыгас өйдөөх, сытыы-хотуу эдэр киһи Орто уол кус быһый, ат бөҕө, уол оҕо үс күлүктээҕэ, киһи бөҕө бэрийэр бэрдэ буолан тахсыбыт. Саха ост. II. Үс күлүктээх киһи - сыыһа-халты туттаран, ону-маны булар-талар түөкүн киһи. Пройдоха, жулик

Нууччалыы Находчивый, шустрый, бойкий молодой человек

«К» буукуба