ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күнүү

аат тыл

Нууччалыы ревность

1 аат тыл #

Чугас киһиҥ (хол., кэргэниҥ) тапталыгар, бэриниилээҕэр эрэмньигин сүтэрии, ол санааттан эрэйдэнии-муҥнаныы

Нууччалыы Ревность

  • Долооноп!.. Хабырыыс куһаҕаны сэрэйэ санаата, уоттаах күнүү көмөгөйүн хаарыйда.
    И. Гоголев
  • [Маня:] Тоҕо мин эйигин атын кыргыттар хайгыылларын сөбүлүөхтээхпиний? [Петя:] Ити баар. Ол аата тугуй? [Маня:] Ол аата кыра соҕус күнүү диэн буолар.
    С. Ефремов
  • Былыргы ытык бу гаремҥа, Мария ыраас дууһата, Биитэр абалаах Зарема Кута-сүрэ илэчийэн, Күнүү уотунан умайан Кэм да сылдьара буолуо дуо? А. Пушкин (тылб.)

2 аат тыл #

Ордугурҕааһын, ымсыы санаа

Нууччалыы Зависть. Ол биһиги оҕобут арыычча үчүгэй буолан бэйэлэрин тэҥнээхтэриттэн ордук чорбойоору гынна диэн сордоон эрдэхтэрэ. Барыта күнүү, бэрт былдьаһыы. С. Ефремов. Бүөтүр өйүнэн, тылынан, майгытынан-сигилитинэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ сөбүлэтиитинэн, самбиһынан уолаттартан таһыччы ордук киһи буолан, уолаттар күнүү татайар курдуктар. Р. Кулаковскай. Ср. тюрк. күни, гүнү 'зависть'

«К» буукуба