Перевод с якутского
күрүөх
аат тыл
Нууччалыы многолюдное веселье; место, где происходит многолюдное веселье
1 аат тыл #
, бэй. туһ. Элбэх дьон мустан көрүлүүрэ-оонньуура, элбэх дьонноох көр-нар буола турар сирэ
Нууччалыы Многолюдное веселье; место, где происходит многолюдное веселье
Сир симэҕинэн сириэдийбит күөх алааска күрүөх дьоно мустан көхтөөхтүк көрүлүүр, ыллыыр-туойар, үҥкүүлүүр-көччүйэр. И. Данилов [Саха урааҥхай] Көрдөөх күрүөҕү күөдьүтэригэр [хомус] Хоҥкунас ырыаҕынан Хоһооннорун Холлотоор, Кэҕэ чуораан тойуккунан Кэпсээннэрин кэҕэһирдээр!
Өксөкүлээх Өлөксөй[Ыһыахха] Түһүлгэҕэ төгүрүстүлэр Күрүөххэ көрүлэстилэр. ГНА ТС. МНТ гүр 'общий, всеобщий'; калм. күр 'множество народа, толпа'
2 этии #
Нууччалыы Постоянно общающиеся близкие люди, имеющие общий интерес, общее дело
Күрүөх билэ дьон - туох эмэ уопсай сыаллаах-соруктаах, өрүү алтыһар, чугас дьон Күрүөх билэ дьоммор Күндү көҥүл олоҕу Күөйэ көтөн ылан Көтөллөнөн көстүөм. Саха нар. ыр. III. Күүскэ үлэлээбит, көлөһүн-балаһын аллыбыт, килэпэчиспит-ньалҕарыспыт күрүөх билэ дьон сынньалаҥар араас эйэргэһии, көрдөөх саҥа баар буолаллар. Амма Аччыгыйа "Быһа көтөр" Сөдүөтү ат аттыгар үктэммэт гына оҥорон, көмүскэстээх санаалаах күрүөх билэ дьоннорум, көрөн көмүскээҥ. М. Доҕордуурап