ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күүркэй

туохтуур

Нууччалыы напрягаться, напружиниваться

1 туохтуур #

Тыҥаа, кытаатан кэл (быччыҥ, тымыр туһунан)

Нууччалыы Напрягаться, напружиниваться (о мышцах, кровеносных сосудах)

  • Максим гимнастика оҥордо. Сүүрбэҕэлээтэ, саҥа хаарга кылыйда, буурдаата. Анаабылламмыт айа кирсин курдук, иҥиирэ-быччыҥа күүркэйдэ.
    Л. Попов
  • Ульяна эмээхсин илиитин көхсүн тымыра күүркэйбитин имэринэ-имэринэ эттэ.
    КН

2 туохтуур #

Ис-искиттэн тыҥаан күүр, өрүкүй; туохха эмэ олус турун

Нууччалыы Возбуждаться, вдохновляться, напрячься; решительно настроиться на что-л

  • Уолаттар, албан аатырбыт өбүгэлэрдээх дьон буолалларыттан үөрэллэрэ, күүркэйэллэрэ.
    Болот Боотур
  • "Хайа, бу дьонуҥ туһаларын!" - диэтэ эһэни көрөн өрө күүркэйбитэ ааһа илик Көстөкүүн.
    Н. Заболоцкай
  • Олус күүркэйэр, наһаа элэстэнэр оҕолору иитээччи эмиэ болҕомтоҕо ылыахтаах
    ОСБОо

3 туохтуур #

Күүһүрэн кэл

Нууччалыы Усиливаться, нарастать; обостряться

  • Икки улуус аналлаах дьоно быһыйдарын илдьэ бардылар. Кэпсээн-сэһэн, күүтүү-сахсаан бөҕө күүркэйдэ. Софр. Данилов. Үлэ эрчим тыына кини [дьиэ] быыкаа хосторугар хат өрө күүркэйбитэ. ПП Дь. Суруйааччы уоттаах-төлөннөөх суруйуута Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕана хаһааҥҥытааҕар да ордук өрө күүркэйбитэ
    ХС

«К» буукуба