ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күүрт

туохтуур

Нууччалыы сделать упругим, напрячь (мышцы). [Сыллай] учууталга үҥсээри гыммыт оҕо муннугар томороон сутуругунан дуксуйар эбэтэр суон быччыҥын күүрдэн баран, харбатан чаҕытар

1 туохтуур #

Тыҥыы кытаатыннар (быччыҥнаргын)

Нууччалыы Сделать упругим, напрячь (мышцы). [Сыллай] учууталга үҥсээри гыммыт оҕо муннугар томороон сутуругунан дуксуйар эбэтэр суон быччыҥын күүрдэн баран, харбатан чаҕытар

  • Юрий Семенович -- икки илиитин быччыҥнарын күүрдэн, тыыллаҥнаан ылла
    Н. Лугинов

2 туохтуур #

Адаарыт, туруор (хол., арҕас түүтүн)

Нууччалыы Ощетинить, поднять дыбом (шерсть). [Ыт оҕото] ол ыт диэки үөрэн-көтөн сэлэкэччийэ сүүрбүтэ

  • Анарааҥҥыта арҕаһын түүтүн күүрдүбүтэ, хараҕын хаһылыччы көрбүтэ, муннун мырдыҥнаппыта, аһыытын ырдьаппыта.
    И. Федосеев
  • Хоруотааҥҥа кэлээт, адьырҕа эһэ арҕаһын түүтүн өрө күүрдүбүт, тылын салбаммыт, оттон сур бөрө аһыытын килэҥнэппит, кутуругун куймаҥнаппыт
    ХС

3 туохтуур #

Ким-эмэ санаатын өрө көтөх, өрүкүт; көҕүт, көбүт, тэптэрэн биэр

Нууччалыы Поднимать настроение кому-л., возбуждать, воодушевлять кого-л. на что-л

  • Төрөөбүт айылҕа уйулҕаны хамсатар кэрэ көстүүлэрэ киһини күүрдэллэр.
    Н. Лугинов
  • Кини сүрэҕин туох эрэ улахан үөрүүлээх суол өрө күүртэ, хараҕар сырдык мичээри уматта.
    М. Доҕордуурап
  • Бу Казань университетын бүтэрбит улахан биллиилээх киһи бэйэ дойдутун айылҕатын, кини барҕа баайын билэргэ, таптыырга эдэр дьону күүрдэрэ
    П. Филиппов

«К» буукуба