Перевод с якутского
күүрээн
аат тыл
Нууччалыы сильное возбуждение, волнение, вдохновение. [Сергей] киэһэ сөпкө да кээлтэ буоллар, мунньах ити үлүгэрдээх күүрээнин кэнниттэн, өһүллэ охсон, өйүн-санаатын булунан бэлэмнэниэҕэ саарбах суол эбитэ буолуо ээ
1 аат тыл #
ан эмэ олус долгуйуу, көтөҕүллүү
Нууччалыы Сильное возбуждение, волнение, вдохновение. [Сергей] киэһэ сөпкө да кээлтэ буоллар, мунньах ити үлүгэрдээх күүрээнин кэнниттэн, өһүллэ охсон, өйүн-санаатын булунан бэлэмнэниэҕэ саарбах суол эбитэ буолуо ээ
Факультекка кафедраларбытынан арахсан үлэ күүрээнигэр кыттыспытынан бардыбыт. ВВ ТТ
2 аат тыл #
лит. Үрдүк иэйии, өрө көтөҕүллүү, ааптар идиэйэтэ айымньыга курдат иҥэр улахан илбиһэ
Нууччалыы Пафос, патетина литературного произведения
Платон Ойуунускай саха поэзиятыгар кыырыктаах өрөбөлүүссүйэ охсуһуутун силлиэтин-буурҕатын, уотун-төлөнүн, модун күүрээнин киллэрбитэ. Софр. Данилов. Туох ханнык иннинэ, аҕа саастаах көлүөнэ поэттара Эллэй, Күннүк Уурастыырап, Таллан Бүрэ, Сергей Васильев поэтическай күүрээннэрэ ахсаабатаҕын бэлиэтиэххэ наада ХС
3 этии #
Күдээринэ күүрээн - албын өрө көтөҕүллүү, долгуйуу Поэзияҕа "күдээринэ күүрээн" аҕыйаан, истиҥ иэйиилээх лирическэй айымньылар хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэхтик суруллар буоллулар. М. Чооруоһап
Нууччалыы Ложный пафос