Перевод с якутского
көй
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы откалывать, скалывать, что-л. твердое мелкими кусочками, дробить
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Туох эмэ кытаанах кэлимсэни уһуктааҕынан анньыталаан бытарыт, кыралаа
Нууччалыы Откалывать, скалывать, что-л. твердое мелкими кусочками, дробить
Күөлтэн солуурчаххар мууста көйөн таһаар. И. Никифоров Дьэдьэн булкаастаах тоҥ чохоону саха быһаҕынан көйөн лөһүргэттэ Р. Баҕатаайыскай Ойбон түгэҕин анньыынан алларан кэҥэт. Θ Расширять прорубь книзу ударами пешней. Сэбирдэх [киһи аата] ойбонун түгэҕин кэҥэтэ көйөн буллугунайда Амма Аччыгыйа
2 туохтуур #
Иһиттэн тарҕанан эбии сиэ, ордук сэтэрэн дириҥээн, кэҥээн бар (ириҥэриини, бааһы этэргэ)
Нууччалыы Воспалиться, нагноиться, нарывать (о ране)
Уһаатаҕын аайы кини [ыарыы], Ыллар-ылан, олохсуйан, Улам көйөн, бэргээн иһэр. Күннүк Уурастыырап Ириҥэ көйбүт сирин кураанах баатанан кичэйэн ыраастыыр. "Кыым". Бааһы көйүөн иннинэ эмтиир сотору кэминэн оһорор Кыым
3 даҕааһын #
даҕ
Таас куорат көй уота Күндээрэн көһүннэ. М. Ефимов Көй бултаах ойууру буламмын, Күһүҥҥэ хаһаанан кэбистим Күннүк Уурастыырап
4 даҕааһын #
Үгүс ахсааннаах; элбэх, дэлэй
Нууччалыы Имеющийся в большом количестве, многочисленный, обильный
5 даҕааһын #
Хойуутук бөлөхтөөн тоҕуоруспут, мунньустубут (үксүгэр дьон туһунан)
Нууччалыы Собравшиеся кучкой, толпой (чаще о людях)
Көй дьон ортотуттан ким эрэ сөҥ куолаһа көбдьүөрдэ. А. Сыромятникова Көй ынах үөрэ хойуу талах быыһыттан утары сырсан тахсан кэллилэр. Н. Заболоцкай Көй чыычаах ырыата. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
Суут дьиэтин таһыгар көй дьон аалыҥнаһа сылдьаллара. М. Горькай (тылб.)
6 даҕааһын #
Киһиэхэ биллэр хойуу (салгын, сөҥүү туһунан)
Нууччалыы Густой, сгущенный, плотный, настоявшийся (о воздухе, атмосферных осадках и т. п.)
Көй туман Сарсыарда күөх быраан Кэтэҕэр Күрэнэн түһүүтэ, Унньуктаах Айаҥҥа тураргыт. М. Ефимов Көй салгыҥҥа күөрэгэй көччүйэр. И. Данилов Хонуу көй сиигин кэһэбин ХС
7 даҕааһын #
Сытыы биилээх, уһуктаах; хотоойу (сэриилэһэр, туттар сэп туһунан)
Нууччалыы Хорошо режущий или колющий, острый (о холодном оружии или режущем инструменте)
Кылбаҥнаһан көһүннүлэр кырыктаах көй үҥүүлэр. М. Ефимов Көй хотуур кылбаҥнаан баартыттан От бэрдэ күрдьүктүү күрдьүллэр Р. Баҕатаайыскай
8 даҕааһын #
Муҥура суох, наһаа, олус (тугу эмэ күүһүрдэн этэргэ тут-лар)
Нууччалыы Особенно, исключительно (усиливает значение признака)
Кэҕэһэлээх кэпсээним Киэһэ-сарсыарда дьыбарга Көй чуор кулгаахпынан Кэпсээн ааһар буолла. А. Софронов Добун халлаан көй хара хараҥатынан күөйэ-хаайа түһэн сабаары гынар...
Суорун ОмоллоонХаллааҥҥа көй элбэх сулустар дьиримнэһэллэр. БИ С Т. Ср
Өссө холобурдар (1)
тув. хөй ‘многочисленный, много’; алт. кей ‘воздух’
9 этии #
Нууччалыы Гнойная, глубокая, открытая рана, язва
Көй баас - ириҥэлээх, дьөлө сиэбит аһаҕас баас Көй бааһа чабырҕаан Уҥуоҕа, сүрэҕэ кыйара. С. Васильев Көй бааһын эмтиирбит наада буолбут. М. Джалиль Көй бараан фольк. - 1) киэҥ-куоҥ, киэҥ уораҕайдаах (үксүгэр дьиэ туһунан). Θ Просторный, обширный (обычно о жилище). Көй бараан уйабытын көрөн таҕыс. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (4)
Көй бараан уорукка көтөн түспүттэрэ биир олус бөдөҥ, олус улахан бухатыыр киэптээх киһи, аал уотугар аргынньахтаан, туоллан олороро. Далан Оҕобутун көмүс уйалыахпыт, көй бараан дьиэлиэхпит. М. Доҕордуурап; 2) баай, барҕа; дэлэгэй. Θ Богатый, изобильный. Көй бараан олох. Роза сибэккилэр Көй бараан айылҕа Киэргэлэ буоланнар Минньигэс ахханнык Мичээрдии тураллар. Эллэй; 3) эймэҥнэс элбэх. Θ Многочисленный, видимый-невидимый. Көмүстээх арҕастаах көй бараан долгуттар, Көрүүй даа, бу Лена. Мин дьолум, тапталым, барыта манна баар. Мин кэллим. Бу Лена. Т. Сметанин Көй киин үрд., эргэр. - 1) ханнык эмэ сир саамай киинэ; туох эмэ эргийэр киинэ. Θ Самая середина, сердцевина (земли), центр чего-л. Дорообо, таптыыр бырааппыт! Доҕордоһуу, көҥүл, эйэ Көй киинэ Москва куораппыт - Эн төрөппүт иккис ийэҥ. Эллэй; 2) фольк. киһи олорор дьиэтин ойуулаан этии. Θ Жилище (описание-формула в фольклоре). Көй кииннэрэ, көмүс уйалара аҕыс уон аар баҕаналаах, тоҕус уон чуор тулааһыннаах. ПЭК ОНЛЯ I. [Айыыһыт] Үүт кэрэ биэ буолан, Көй кииннэрин, Көмүс уйаларын, Өрөкүйбүтүнэн кэлэн, Өҥөйөн көрдө. П. Ойуунускай