Перевод с якутского
кээрэт
туохтуур
Нууччалыы отламывать, скалывать отколупывать небольшими кусочками
1 туохтуур #
Туох эмэ улахантан кыра-кыратык ойута охсон алдьат, кыралаан, тоһоон, көйөн ылыталаа
Нууччалыы Отламывать, скалывать отколупывать небольшими кусочками (напр., от черной цельной породы, каменной глыбы, мерзлой земли)
Биир дуу, икки дуу киһи тоҥ буору аат аҕай харата хойгуонан кээрэтэ сатыы тураллар эбит. Н. Заболоцкай Атырдьахха баһыллыбакка наар илиилэринэн бүүрэ-түүрэ, [тоҥ сиилэһи] кээрэтэн, эмтэритэн сыһаҕастаһаллара. В. Яковлев Ыһыынан ханнык баҕарар тааһы атын тааска кыһайа ууран баран, наадалаах сиринэн боруоба кээрэтэн ылаллар ДНА СХБКК
2 туохтуур #
Кыралаан көҕүрэт, кыра-кыратык ороскуоттаа
Нууччалыы Убавлять, уменьшать, расходовать (понемногу, обычно с конца, края)
Бэй, тукаам, ол гынан баран, ол сиргиттэн, үлэҕиттэн кыраны-эмэни кээрэттиҥ дуу, суох дуу? П. Тобуруокап Байанай Мэхээчээнниин, хонон тура-тура, иккилии-үстүү көһү кээрэтэн баран иһэллэр. В. Протодьяконов Күн-дьыл күөйэ хаама сылдьан, кээрэтэн иһэриттэн куоппут диэн суох. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Эдэр тойонноох хотун икки өттүттэн кээрэтэн үптэрин-малларын улам чарааһатан барбыттара Д. Таас