Перевод с якутского
көлүй
туохтуур
Нууччалыы упряжь; впрягать
English (of livestock) to harness, to yoke
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы упряжь; впрягать
English (of livestock) to harness, to yoke
аты көлүй запрячь лошадьto harness the horse
2 туохтуур #
Көлөнү сыарҕалаа, сыарҕаны соһор гына сэбилээ
Нууччалыы Запрягать, впрягать (соединять с повозкой для тяги)
Оҕуһун аҕалан көлүйбүтүнэн барда. Амма Аччыгыйа Уон аҕыстаах эрэттэр Аты сатаан көлүйбэттэр. И. Гоголев Санников саамай бастыҥ ыттарын көлүйэн, мууһу үрдүнэн ол арыы диэки түһүнэн кэбиспитэ П. Филиппов
3 туохтуур #
Кими эмэ күүскэ үлэлэт
Нууччалыы Заставлять кого-л. усиленно, много работать, напрягать кого-л. работой
Уолбутун сайын үчүгэй аҕайдык көлүйэн эрэллэр, - диэн иһигэр Хаадьы үөхсүбүтэ. М. Доҕордуурап Баайдарын үлэнэн көлүйэн Ыарахан таһаҕас тастарар Эрилик Эристиин
4 туохтуур #
Туох эмэ күүһүн үлэҕэ туһан, туһаҕа таһаар
Нууччалыы Использовать что-л. (напр., силы природы), превращая их в полезную для людей энергию
Өрүстэр үлүскэннээх сүүрүктэрин көлүйэн, элэктэриичэстибэ уотугар эргитиэхпит. Амма Аччыгыйа Үөрэх күүһүн көлүйэн, өссө үксү үөдүтүөхпүт, Үөйбэтэҕи үөскэтиэхпит. Күннүк Уурастыырап Элэктэриичэстибэ күүһүн үлэҕэ көлүйдүбүт. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Др. -тюрк. көл
5 этии #
Ат гынан миин, оҕус гынан көлүй - 1) аҥардастыы баһылаан көлөһүннээ Оттон баайдар кыра дьону ат гынан миинэн, оҕус гынан көлүйэн, көрүлээн олоорторо. Эрилик Эристиин; 2) атаҕастаан-баттаан сорун сордоо, муҥнаа-эрэйдээ. Бесчеловечно притесняя, угнетая причинять кому-л. тяжелые страдания. Аҕыс суол арахсыытыгар тиийдэҕинэ сирэйин-хараҕын дэлби сынньан оҕус гынан көлүйүөм, ат гынан айааһыам. Ньургун Боотур. Фашистар Улуу Арассыыйа норуотун оҕус гынан көлүйээри Уһуктаах кылыстарын Уун-утары ууммутунан Улахан уулуссаларын Ортотунан хаампыттара. С. Васильев
Нууччалыы Жестоко, нещадно эксплуатировать кого-л., выжимать все соки (пот) из кого-л. (букв. ездить как на лошади, запрягать как быка)