Перевод с якутского
көлүүр
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы упряжь
English harness; draft
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы упряжь
English harness; draft
көлүүр ата ломовая лошадьa draft horse көлүүр оҕуһа тягловый быкa draft bull
2 аат тыл #
Көлөнү көлүйэн үлэлэтии
Нууччалыы Запряжка рабочего скота
Көлүүргэ күүһэ тахсыбыт ат кыайан сүүрбэт. Күлүмэх көлүүртэн көлө буорту буолар. ПЭК СЯЯ. Кини көлүүргэ сылдьар нэс ата французскай үһү. Л. Толстой (тылб.)
3 даҕааһын #
суолт. Көлүллэр, көлүйэн үлэлэтэргэ туттуллар
Нууччалыы Упряжной
Көлүүр атын Уохтаах, сытыы Көлөһүнүн сытынан Аҥкыйар Киэҥ хочолоох улуу Лена. И. Гоголев Көлүүр оҕуһа барахсаны сынньаппыт, аһаппыт буолуохтаахтар эбээт. Н. Заболоцкай Көлүүр ыттара барахсаттар -- тыал утары хайыһан тулуурдаахтык кирийэн сыталлар. ХС
Өссө холобурдар (1)
Көлүүр таба турарын көрбүтэ. Ю. Чернов (тылб.)
4 этии #
Көлүүр сэбэ - көлүйэргэ туттуллар араас тэрил
Нууччалыы Упряжь. Кини көлүүр сэбин оҥорор, сайынын оттоһор. Д. Таас. Көлүүр сэптэрэ бары ураты уустук-ураннык абырахтаммыттар. Г. Николаева (тылб.)