ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көлө

аат тыл

Нууччалыы упряжной скот; рабочий скот

English working cattle

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

Айаҥҥа эбэтэр таһаҕас тиэйэргэ мииниллэр сүөһү

Нууччалыы Упряжной скот; рабочий скот

  • Дохуотун икки көлөнөн тиэйэн дьиэлээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Көлө көрдөһө куонньукка барда.
    С. Федотов
  • Көлөтө суох хайдах олороохтуой? Ким киниэхэ отун-маһын таһан биэриэй?
    И. Федосеев

2 аат тыл #

Бэйэтэ хаамар, айанныыр кыахтаах тиэхиникэ

Нууччалыы Самоходная техника (на которой можно ездить)

  • Хатан ыстаал ыллык устун, Хаһыытыы-хаһыытыы сындылыйан, Тэтимнээх тимир көлө Тилигирээн тиийэн кэлиэҕэ.
    С. Васильев
  • Сотору кыыс, модун хамбаайын Көлөтүн тигинэтэ, Көмүс долгуннаах уйгу-быйаҥ Муораны тэлэн истэ.
    И. Эртюков
  • Ср. др. -тюрк. көлүк ‘вьючное животное’

3 этии #

Көлө-илии звенота - окко сириттэн көрөн көлөнөн да, илиинэн да үлэлиир звено Көлө-илии звеноларыгар эмиэ ахсаабат кыһамньы ууруллара наада. "Кыым". Ааспыт сайын уон аҕыс көлө-илии звенолара тэриллэн үлэлээтилэр. Ходуһа х

Нууччалыы Полумеханизированное звено (на сенокосе)

II

4 аат тыл #

Икки ачаах атахха ууруллар, уокка күөһү ыйыыр мас

Нууччалыы Перекладина над костром для котла

  • Көлө мастарга хаардаах солуурдар кэккэлэстилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Чаанньыгын, көлө маска иилэн, уот төлөнүгэр уурда.
    В. Протодьяконов
  • Кутаа тула көлөлөргө ыйаммыт иһиттэр оргуйан бидилистилэр. Айталын. Оҕонньорум икки үтэһэҕэ сыалаах эти үөлэ охсон уотун кытыытыгар анньыталаата, уулаах солуурчаҕын көлө маска ыйаата. А. Кривошапкин (тылб.)

«К» буукуба