Перевод с якутского
сүөһү
аат тыл
Нууччалыы домашний скот
English livestock, especially cattle
1 аат тыл #
Киһи туттарга, туһанарга анаан дьарык оҥостон иитэр, түөрт атахтаах дьиэ харамайа (ынах, сылгы)
Нууччалыы Домашний скот
Оҕонньор суолтан туораан, биһиэхэ көхсүнэн эргиллэн алаас уҥуор мэччийэ сылдьар сүөһүлэри чарапчыланан одууласпыта буола турбута. И. Гоголев Үгүстэрэ сүөһүлэригэр от тиэйэр, оһохторугар мас булар, киэһээ аһылыктарыгар тууларын көрөр кыһалҕалаахтара. Н. Якутскай Сайылыктарга сүөһү бөҕө тоҕуоруспут И. Данилов
2 аат тыл #
үөхс. Киһи буолбатах киһи, чиччик
Нууччалыы Скотина. Арамааннара олбуор айаҕар харабыллаан турбут Дабыыты сиэри гыммыт: "Ити сүөһү, киһи эбитэ буоллар, Улаанчыгын ыраахтан билэн, уолу түҥнэри ытан түһэриэ этэ". Амма Аччыгыйа. [Мотуруона:] "Туох диэн эттэҥий? Мин эн курдук сүөһүгэ ойох буолуох үһүбүн дуо?" – диэн баран, үөһэ тыынна. Н. Түгүнүүрэп
3 этии #
Нууччалыы Скот, имеющийся в личном хозяйстве, личный скот
Этиилэр
Дьиэ сүөһүтэ көр дьиэ I
Дьиэ сүөһүтүн элбэтэрбит буоллар, ас-таҥас дэлэйиэ этэ.
Кэтэх сүөһү
дьон чааһынай хаһаайыстыбатыгар туттарга анаан ииттэр сүөһүтэ Ыаллар кэтэх сүөһүлэрин көрүүнү эмиэ уопсай дьаһалга ылан, дуогабар оҥостон, сөптөөх тарибы олохтоон, төлөбүрдээн тутуохха.
"Чолбон".
Субан сүөһү
икки-үс саастаах ыччат сүөһү.
Дву-, трёх годовалый молодняк крупного рогатого скота.
Өкүлүүн мин кыра кийиитим, субан сүөһүнү көрөөччү уонна бу мин сыллыырдарым ийэлэрэ. Амма Аччыгыйа Витя пиэрмэттэн ыраатта, субан сүөһүлэр ортолоруттан Аланы кыайан булбата. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Холкуос субан сүөһүтүн маныыһыта Охоноон оҕонньор, ама, билигин сорсуйбутун иһин, биир уол оҕо олоҕун олорон ааспата этэ дуо? Л. Попов
Сүөһү иитиитэ
тыа хаһаайыстыбатын биир көрүҥэ: ынах, сылгы иитиитинэн дьарыктаныы.
Животноводство.
Сахалар сүрүннээн сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлара. Саха фольк Сопхуоспут бурдугу үүннэриинэн уонна сүөһү иитиитинэн дьарыктанар. С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Чугастааҕы сыллар истэригэр ходуһа сирин быһааран бүтэриэхпит. Оччоҕо сүөһү иитиитин харгытааһына суох сайыннарыахпыт. М. Доҕордуурап
Сүөһү киириитэ
күһүн тымныйан, хаар түһүөн эрэ иннинэ сүөһү хотоҥҥо киирэр кэмэ.
Время наступления осенних холодов, когда домашний скот загоняется на зимовку в тёплые помещения – хотоны.
Күһүн сүөһү киириитигэр хотон тутуллан бүппүтэ. И. Алексеев
Сүөһү көрөөччү
субан сүөһүнү көрүүгэ-харайыыга үлэлиир киһи.
Тот, кто ухаживает за молодняком крупного рогатого скота, скотник.
Манна тыаҕа олохтоох эр санаалаах булчуттар, табаһыттар уонна сүөһү көрөөччүлэр ахсааннара улам элбээн, тэнийэн барбыта. И. Данилов [Н. С. Габышев-Нэртэ] орто оскуоланы бүтэрэн баран, сүөһү көрөөччүнэн, тутуу оробуочайынан, куруусчутунан үлэлээбитэ. ХС
Өссө холобурдар (1)
Култуура уонна киинэ үлэһиттэрэ сайыҥҥы ыйдарга отчуттарга, сүөһү көрөөччүлэргэ агитбиригээдэлэри тэрийэн хастыыта эмэ сырытыннарарга быһаарыннылар. "Кыым".
Сүөһүнү тутун
суһаллык бэйэ наадатын толуйууга иитэр сүөһүттэн өлөрөн үп-харчы оҥоһун.
Забивать скот на продажу, чтобы быстро выручить деньги. [Кулуба:] Онно билигин биэрэр харчы миэхэ суох.
Сүөһүнү туттуоҕу эмиэ харыһыйыллар. Н. Неустроев Бу дьыаланы быһаарарга туох да үүт-хайаҕас көстүбэтэ. Арай сүөһүнү тутуннахха эрэ дуу?! ХС
Сылгы сүөһү
үөрүнэн сылдьар, кыһынын хаар анныттан хаһан аһыыр дьиэ сүөһүтэ.
Конный скот.
Сылгы сүөһү диэн туох да олус үгүс, мээнэ сылдьаллар.
Суорун ОмоллоонМин санаабар, Лоҥкууда ордук сылгы сүөһүгэ туһалаах буолсу. Ааспыт кыһын, Лоҥкууда отунан сылгыны аһаппыттан, биир да биэ кулуннаабата. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Аҥаардас кэнники икки сылга ынах уонна сылгы сүөһү былаанын түөрт уон бырыһыан аһара толордубут. М. Доҕордуурап
Ынах сүөһү
от аһылыктаах, үүттээх кыһынын хотоҥҥо аһаан туоруур, икки муостаах дьиэ харамайа.
Рогатый скот.
Хотон иһигэр суол ааныттан саҕалаан, ынах сүөһү лыык курдук симиллэн баайыллыбыт. Р. Кулаковскай Миимээн эмиэ, атын дьон курдук, бултуура, табаны, ынах сүөһүнү иитэрэ. И. Данилов
Өссө холобурдар (2)
Күөл кытыытыгар ынах сүөһү үөрэ мэччийэн, хара тордох курдук, ааллаһа сылдьар. М. Доҕордуурап Ытык сүөһү эргэр. – урукку итэҕэлинэн туох эмэ улахан тыыҥҥа, иччилэргэ бэлэх бэриллиэхтээх сүөһү. По старинным якутским поверьям: священное домашнее животное, приносимое в жертву духам. Былыр ытык сүөһүнү ким да тыыппата үһү. ХС
Ыччат сүөһү
субан сүөһү диэн курдук.
Кыстыкка хас биирдии ыччат сүөһү сэттэ уон киилэнэн төлөһүйдэ. "Кыым". "Таатта" сопхуос Чөркөөхтөөҕү салаатыгар ыччат сүөһүгэ үчүгэй хотон суох буолан кэккэ күчүмэҕэйдэр үөскүү сылдьыбыттара. "Кыым". Ср. ДТС йаваш, осм. йавас ‘мягкий, кроткий; прирученный, домашний (о животных и птицах)’, орд. дьөөши ‘имущество, благо’, калм. жөөси ‘ноша, груз; транспорт, вьючное животное’, бур. зөөри ‘имущество’