ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көмүк

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы время, пора, когда идет обильный, большой снег

1 аат тыл #

Хаар өлгөмнүк, халыҥнык түһэр кэмэ

Нууччалыы Время, пора, когда идет обильный, большой снег

  • Күһүҥҥү көмүк саҕана.
  • Күһүҥҥү бастакы хаар кэннинээҕи уһун көмүгү санатар күннэр.
    ХС
  • Үрүҥ силлиэ ытыллар, Үрүҥ көмүк бураллар, Үрүҥ күдэн бурҕаҥныыр, Үрүҥ атым айанныыр
    Кыым

2 аат тыл #

түөлбэ. Көөрөттөн тохто турар үрдүк туруору эмпэрэ сыыр, биэрэк

Нууччалыы Обрыв, обрывистый берег

  • Нөҥүө көмүк аннынааҕы дириҥ үөскэ күһүҥҥү кыстыктарыгар төннөн иһэр андылар үөрдэрэ бачыгыраан көстөр. "Кыым". Дуваннай көмүгүн анныгар турабыт. Көмүк туруору сүүрбэ саһаан үрдүктээх. Субу-субу сиҥнэн өрүскэ түһэр. А. Алдан-Семенов (тылб.)
  • Тыаҕа хаара көмүк.
  • Көһөр көй былыттан Көмүк хаар түстэ.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Таптарбыт эрдэҕэс түүтүнүү Тэлээрэн көмүк хаар үллүктүүр
    Айталын
  • Үгүстүк хаар түһэр, элбэх хаардаах (кыһыҥҥы кэми этэргэ). Θ С частыми и обильными снегопадами (о зиме). Быйыл көмүк дьыл буолла. Ср. др. -тюрк. көпик, тюрк. көпүк, көбүк, көбик, гөбүк ‘пена’

3 даҕааһын #

суолт. Хойуутук, өлгөмнүк үллүктээн түһэр; халыҥ, дириҥ (хаар туһунан)

Нууччалыы Падающий обильно, густо; глубокий (о снеге)

«К» буукуба