ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көтүөлээ

Нууччалыы передвигаться прыжками, прыгать

1 #

көт I диэнтэн төхт. көрүҥ. Курупааскы үөрүнүү, үрүҥ хаар көтүөлүүр. Эллэй. Көрөбүн: татыйык сардаҥа сырдыгар лабааттан лабааҕа көтүөлүүр. Дьуон Дьаҥылы. Кинилэр [оҕолор] үрдүлэринэн хап-хара, быыкайкаан, эргэ мээчик көтүөлүүр. ТВ ОСКОСС

2 #

Өрүтэ ыстаҥалаан бар

Нууччалыы Передвигаться прыжками, прыгать

  • Баҕа көтүөлүүр.
  • [Тимир Чохчордоон] үстүү саһаан сири өрүтэ көтүөлээн, Тоҥ сири тобугун оруутугар дылы Тоҕута түһүтэлээн, Түҥкүл-таҥкыл буолбахтаата.
    П. Ядрихинскай
  • Микиитэ -- маһы сулбу тардан ылан миинэн баран, ыалын диэки өрүтэ көтүөлүү турда.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
  • Өлбүт таба сытар сиригэр кэлэн көрбүттэрэ бөрө иннин диэки көтүөлээн субуруйбут этэ
    Н. Заболоцкай
  • Туох эрэ үрдүнэн ойуолаа. Θ Перепрыгивать, перескакивать через что-л. Миитэрэй мустубут дьоҥҥо, "омуктарга", бэрдин биллэрэн, үс үүт күрүөнү иннинэн-кэннинэн көтүөлүү оонньообут. Саха сэһ. Быаны үрдүнэн көтүөлүү турбут кыыс бүдүрүйэн охто сыста.
    Амма Аччыгыйа
  • Артур биирдии үктэли көтүөлээн бэһис этээскэ этиэх түгэнэ элээрдэн таҕыста
    ХС

3 #

Уохтаахтык, күүстээхтик мөҕүс, өрүтэ бүллүгүрээ (уу туһунан)

Нууччалыы Бурно вскипать, пениться, течь (о воде). [Көй долгуннаах халаан уута] Күүрэн, мөҕөн дьэргэстэнэн, Күөйэ-хаайа көтүөлээтэ

  • Ол икки ардыгар бастаан чаанньыга куотта, онтон күөһэ көтүөлээтэ, киһи аны онтукаларын өрүсүһэ барда
    Н. Заболоцкай

«К» буукуба