ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыый

туохтуур

Нууччалыы закипать, вскипеть

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Күүскэ итийэн оргуй (убаҕас, убаҕастаах иһит туһунан)

Нууччалыы Закипать, вскипеть (о жидкости)

  • Сотору чаанньыктара кыынньар.
    Н. Якутскай
  • Мааһа сылабаара кыыймытын сойутардаан остуолга аҕалар, чааскы ууран чэй кутаттыыр.
    Күндэ
  • Кыынньыбыт үүтү иһэн -- баран эмиэ оронугар токуллан сытта
    Е. Неймохов

2 туохтуур #

Көөнньөн күүгэннирэ үлүн (гаастаах утахтар тустарынан)

Нууччалыы Быть пенистым, пениться (о газированных напитках)

  • Кыынньа сылдьар саһархайдыҥы утаҕы иһэн кэбистилэр.
    Н. Лугинов
  • Саха сирэ! Ыччатыҥ Сайдан эрэр эбит ээ: Ийэ кыынньар кымыһын испэтэхтэр мээнэҕэ. Эллэй. Кымыс кыынньан кырылаабыта, Ыһыахха үҥкүү тыла чугдаарбыта
    Н. Босиков

3 туохтуур #

Күүгэннирэ бааллыр, долгуннур

Нууччалыы Бурлить, кипеть (о волнах)

  • Далайга долгуннар ыксаллар, Долгунтан долгуннар кыынньаллар. Эллэй. Дьэбиннээх долгуннар кырылыы кыынньан, быста турар кытылга курулуу анньыллаллар.
    А. Федоров
  • Күөллэрэ улаханнык долгуннуран, кытара кыынньа сыппыта
    Н. Заболоцкай

4 туохтуур #

Туох эмэ (хол., олох, охсуһуу) күүскэ, дохсуннук бар, буол

Нууччалыы Кипеть, бурлить, бить ключом (о жизни)

  • Онно олох күөстүү кыынньар, Саҥа сайдыы, саҥа көстүү...
    С. Данилов
  • Барыахха! Киһи иһин охсуһуу кыынньар үөһүгэр барыахха.
    И. Гоголев
  • Олох кыынньар кыһатыгар Уһаарыллан тахсыаххыт - Үлэ дьолун булуоххут
    Күннүк Уурастыырап

5 туохтуур #

Улаханнык кыыһыран, уордайан, тымтан тур

Нууччалыы Разгневаться, вскипеть, вспылить

  • Кыыс абатыйан, уордайан, Кыбдьыгырыы кыынньан кэлбитэ, Симэһиннээх силин мунньан, Чиччик сирэйигэр тибиирбитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Алексеев бэйэтиттэн бэйэтэ кыынньан оргуйан турар.
    М. Попов
  • Куолаһыттан иһиттэххэ, Батурин бэркэ кыынньан кэлээри гына-гына кыатанар быһыылаах
    В. Яковлев

6 туохтуур #

Ханнык эмэ ис санааҥ, иэйииҥ, долгуйууҥ олус күүскэ күүркэйэн билин, көһүн

Нууччалыы Проявляться с силой, бурно; кипеть, клокотать (о чувстве, волнении)

  • Чэгиэн түөһүм иһигэр Кыынньар этэ кырыыс, өс-саас...
    И. Гоголев
  • Эйиэхэ арыт ханнык эрэ итии, сылаас санаа кыынньан кэлэр.
    С. Федотов
  • Абам-сатам кыынньан кэллэ
    И. Никифоров

7 туохтуур #

Өрө ньирилии түс, оргуйан таҕыс (туох эмэ саҥа-иҥэ, тыас-уус туһунан)

Нууччалыы Внезапно с силой раздаться, разорваться, послышаться; бушевать, вскипеть (о шуме-гаме, голосах)

  • Ааны аһан киирээтин кытта телефон өрө кыынньа тоһуйда. Софр. Данилов. Күлүү-оонньуу, саҥа-иҥэ өрө кыынньан таҕыста. Дьүөгэ Ааныстыырап. Арай кумаардар саҥалара кыынньар.
    С. Дадаскинов
  • Сонно тута эрбии, сүгэ тыаһа хараҥа ойуурга кыынньа түстэ
    А. Сыромятникова

8 этии #

Этиилэр

Көхсө кыынньар көр көҕүс II

  • Түөһүн иһин иэстэһии уота кутаанан уматар, бэл көхсө кыынньарга дылы.
    Л. Попов
  • Онтон көхсө кыынньан, кыыһыран, саабылатынан далбаатаныан санаталыыр.
    А. Сыромятникова

Хаана кыынньар көр хаан I

  • Кини дьиикэй хаана кыынньан, сүүһүн тымырдара ынырыктык күүрбүттэр. Д. Таас

«К» буукуба