ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэбилий

туохтуур

Нууччалыы бурлить, бурно кипеть, клокотать, переполняться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Өрө үтэн, үллэн таҕыс, бурулуй

Нууччалыы Бурлить, бурно кипеть, клокотать, переполняться

  • Биир саас Талба халаанын уута дэбилийэн тахсан, улуу күөлү бэйэтигэр сүгүннэрэн илдьэ барбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол аттынан Бүлүү эбэ хотун дэбилийэ устар.
    И. Данилов
  • Бу кэпсэтэ турдахтарына, күөстэрэ оргуйан дэбилийэн таҕыста.
    В. Миронов
Өссө холобурдар (1)
  • Даҕанча араан үрдүгэр ыйанан оргуйан дэбилийэ турар эттээх күөһү таһааран дэпсэҕэ уурбута уонна икки салаалаах мас атаранан этин хоторбута
    Далан

2 туохтуур #

Халлаан диэки өрө көтүт, төлө биэр

Нууччалыы Извергаться, бить фонтаном, изрыгать

  • Булкаан өргөн төлөнүнэн үлтү дэбилий! Эллэй. Сирилии ол онтон, өрө тэбэн, Сир сүмэтэ – ньиэп дэбилийэр.
    В. Миронов
  • Сир хара буорунан, буруонан өрө дэбилийэрэ, сэрии хабыр дарбаана барыта биир күдьүс гына холбоспута
    И. Федосеев

3 туохтуур #

Үллэн тахса, дэлэйэ, элбии тур

Нууччалыы Изобиловать, множиться, нарастать

  • Кырдьыга даҕаны, атын дьон туһаммыттарыттан көҕүрээбэт, хата дьэ ордук киэркэйэн, дэлэйэн дэбилийэн иһэр баай!
    Амма Аччыгыйа
  • Халыҥ сандалы ханайар Хаһата, сыата тэлгэнэр. Үрүҥ илгэ дэбилийэр, Үүт-сүөгэй үрүлүйэр.
    ХС
  • Тураҕас биэбит Тунаҕа барҕардын, Улаан биэбит Уйгута дэбилийдин!
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • [Саас кэлиитин хоһуйууга] Дьэ бу манна поэт өйүн-санаатын оонньооһуна дэбилийэ таһымныыр.
    КНЗ ТС

4 туохтуур #

Күөстүү оргуй, тэтимнээхтик сайда тур (киһи олоҕун туһунан)

Нууччалыы Бить ключом, бурлить, бурно расти

  • Куоракка саҥа олох күөстүү үллэн дэбилийдэ.
    Р. Кулаковскай
  • Олох тыала-силлиэтэ дэбилийэн тиийэн кэллэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьэ оччоҕо норуот наадыйыыта толору хааччыллыаҕа, олох таһыма өссө күүскэ өрө дэбилийиэ
    ХС

«Д» буукуба