ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таһымнаа

туохтуур

Нууччалыы переполняться, переливаться через край

1 туохтуур #

Туох эмэ иһин толорон үөһээ бүүрүгүн үрдүнэн оҕус, таһынан бар (хол., ууну этэргэ)

Нууччалыы Переполняться, переливаться через край (напр., о воде)

  • Ойбон уута таһымнаан халыс гынна, оҕонньор ойон турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Таммахтар холбостохторуна киэҥ өрүс уутун батарбакка таһымныыр.
    Эрилик Эристиин
  • Силбик буолан уонна онно эбии өрүс уута таһымнаан, кумахтары сабан, аҕыйах хонуктан бэттэх балык булда тохтоото
    Н. Габышев

2 туохтуур #

Киһи сөптөөх дии саныырыттан ордук элбэх, ордук таһыччы буол

Нууччалыы Превосходить всякую меру, быть чрезмерным

  • Баһырхай тутуу барҕарыаҕа, Балысхан быйаҥ таһымныаҕа.
    С. Зверев
  • Улуу Сайылык улахан көхсө күөл эбитэ үһү, ол күөлгэ анды саарара, кус-хаас бөҕө мустара, балык бөҕө таһымныыра диэн буолар. Багдарыын Сүлбэ. Кыһыйабын – Кырдьык кырыымчыгыттан, "Кыргыс" салҕанарыттан, Сырайа-хараҕа суох Сымыйа таһымныырыттан
    Чолбон

3 туохтуур #

Төһө эрэ таһымнаах буолар гын, ханнык эрэ таһымҥа таһаар

Нууччалыы Вывести на какой-л. уровень

  • Дакылаатчыт -- партийнай салалта истиилин, дьоҕурун үрдүк таһымныырга, олох сайдыытын билиҥҥи үрдүк көрдөбүллэригэр дьүөрэлээхтик эппиэттиир буолалларын ситиһэри модьуйда
    В. Протодьяконов

«Т» буукуба