Перевод с якутского
ыанньый
туохтуур
Нууччалыы нагуливать молоко, переполняться молоком, набухать от молока
1 туохтуур #
Үчүгэйдик мэччийэн, үүтүҥ синньигэр толору киир, ыга мунньулун (хол., ынаҕы этэргэ)
Нууччалыы Нагуливать молоко, переполняться молоком, набухать от молока (о вымени коровы)
Ыанньыйбыт сириннэрин сиргэ тиийэ намылыппытынан улахан ынахтар хотун дьахталлардыы аа-дьуо хааман хотолдьуһаллар. Далан Кудуххай эмиийдээх ыанньыйбыт ынаҕын ыан курулатан киирэн барда. В. Яковлев [Ынах] олус ыанньыйдаҕына, синньэ ыарыйдаҕына, син кэлиэҕэ, ханна барар үһүө диэн буолта Күрүлгэн
2 туохтуур #
Мунньуллан хойуннар хойдон ис, элбэх ууланан ыаһыра дьиппиний (былыты этэргэ)
Нууччалыы Постепенно сгущаться, наливаться, набухать от воды (о дождевых тучах)
Ардах уурайыахча уурайбата. Тохтуохча буола-буола, эбии ыанньыйан, тоҕута түһэн кэлэр. Софр. Данилов. Түүн үөһэ. Арааһа, ардаары, Халлааммыт хараара ыанньыйар. Р. Баҕатаайыскай Ыанньыйбыт хара былыттар сабардаан, дохсун ардаҕы тоҕо куппутунан барбыттара Чолбон
3 туохтуур #
Таскар таһаарбакка эрэ, искэр өр иитиэхтээн илдьэ сырыт (хол., санааны)
Нууччалыы Долго обдумывать, размышлять, вынашивать (напр., мысль)
Саҥа үөскүүр хоһоонноруҥ дьүһүнэ күлүмнээн көстө-көстө сүтэр, илбистээх дьүөрэ тылларыҥ төлөнө умулла-умулла күөдьүйэр, ыанньыйыаххар диэри...
Суорун ОмоллоонТүбэһиэх көрсө түспүт -- дьонугар Ыанньыйбыт санаатын ыатаҕына, Ытаатаҕына-соҥоотоҕуна да, Кинини аһынааччы суоҕа. ХС Бу ыанньыйбыппын таһаардым ХС