ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иитиэхтээ

Нууччалыы содержать, вырастить

1 #

АҺат-сиэт, көр-харай (үксүгэр сөбүлээбэккэ, сүөһүгэ, дьиикэй кыылга холоон этэллэр)

Нууччалыы Содержать, вырастить (преимущественно употр. в неодобрительном тоне, уподобляя кого-л. скоту, диким зверям)

  • Оннооҕор күн бүгүнүгэр диэри Гамето курдук дьиккэри иитиэхтиигит.
    Н. Якутскай
  • Эһэ-эбэ саҕаттан иринньэх бэйэлэрин илгэ быйаҥынан иитиэхтээн киһи-хара оҥорбут көрүөх билэ дьоҥҥун, күлэ-күлэ күллэрин булкуйаары, оонньуу-оонньуу уоттарын умуруораары гынна
    Күннүк Уурастыырап

2 #

Сүөһүнү, дьиэ көтөрүн аһатан-сиэтэн, көрөн-харайан улаатыннар

Нууччалыы Содержать, откармливать, разводить домашних животных, птиц

  • Куурусса бэйэтэ Хоонньугар хорҕотон Иитиэхтээн испитэ Элбэх үөр оҕотун.
    И. Чаҕылҕан
  • ХIХ үйэҕэ, бөтүүк кутуругун куорсунунан киэргэнэр муода уурайбытын кэннэ, бөтүүктэри декоративнай көтөрдөр быһыыларынан иитиэхтиир буолбуттара
    ДьДьДь

3 #

Ыанньытан, өр эрэйдэнэн мус, үөскэт (хол., санааны)

Нууччалыы Вынашивать (мысль, идею)

  • Ити кини оҕо эрдэҕиттэн дарбааннаах аат-суол туһунан иитиэхтээбит ыра санаатын эстиитэ этэ. Софр. Данилов. Ити туһунан Аадаҥ кимиэхэ да эппэккэ, кистэл оҥостон, иһигэр иитиэхтии сылдьыбыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • 1949 сыл сайыныгар ити элбэх сылларга иитиэхтээбит санаата туолан, сэттэ сыл ааспытын кэннэ алааһыгар дьэ тиийбитэ.
    НЕ

«И» буукуба