ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хомун

Нууччалыы собираться в дорогу

Ис хоһооно · 4

1 #

хомуй диэнтэн бэй. myh. Ийэлэрэ күнүскү ынахха тахсыбытын кэннэ, Чүөчээски малын-салын барытын хомунна. Суорун Омоллоон. Айаан тиэтэйбэккэ, төттөрү-таары тэлбиҥнээн оронун хомунар, таҥнар. Н. Лугинов

2 #

Ханна эмэ бараары, айаннаары малгын-салгын тэрин, бэлэмнэн

Нууччалыы Собираться в дорогу

  • Сарсыарда туран, халлаан суһуктуйуута, уолаттар бараары хомуннулар.
    Болот Боотур
  • Балаата иһигэр ол-бу атын кэпсээн уурайда, айаҥҥа хомунар сүпсүлгэн буолла.
    С. Никифоров
  • Сотору аһаан-сиэн бүтэн, булчуттар суолга хомунан бардылар
    С. Никифоров

3 #

Бэйэҕин көрүнэ, дьаһана сырыт

Нууччалыы Заботиться о себе, содержать себя в порядке

  • Хомуна соҕүс туттан, билигин орто ыал ахсааныгар сылдьар.
    П. Ойуунускай
  • Уруккута диэн баара дуо, били нарын уостара хатырыктыйан хаалбыттар, сатаан бардаҕына баттаҕын аанньа хомуммат буолан хаалбыт
    Эрилик Эристиин

4 этии #

Этиилэр

Тыас хомун көр тыас

  • Бэрт ыраахтан да өстөөҕүн сытын ыллаҕына арҕаһын түүтэ адьырыйан хаалара. Көхсө кирдьигинии-кирдьигинии, эрдэттэн тыас хомунара.
    И. Гоголев
  • Өстөөхтөр, эмиэ дьулайан, тыас хомуннулар.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Чугас доҕордуулар кэпсэтиһээри гыналларын билээт, -- биллибэккэ-көстүбэккэ тыас хомунан, сүтэн хааларыҥ ордук.
    ПБН КСКТ

«Х» буукуба