ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хомулуок

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы плотный, шерстяной или хлопчатобумажный (ткань из камлота), камлотовый

I

1 даҕааһын #

, эргэр. Түүттэн өрүллүбүт, дороххой (таҥас)

Нууччалыы Плотный, шерстяной или хлопчатобумажный (ткань из камлота), камлотовый

  • Кини ыраас ырбаахы таһынан хомулуок бинсээктээх, түөһүгэр ыстаалынан оҥоһуллубут ханнык эрэ значоктаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Хомулуок ыстаанын сиэбигэр илиитин тоҕоноҕор диэри уктан -- балайда өр хасыһан, имиллибит сүөһү хабаҕа мөһөөччүгү ороон таһаарда.
    И. Никифоров
  • Хомулуок таҥас ырбаахылаах, ыраас хааннаах, көстөр дьүһүнүттэн отут алта-сэттэ саастаах Ньукууска Горохов элэккэйдик хоруйдаата
    В. Протодьяконов
II

2 аат тыл #

, түөлбэ. Үтэһэҕэ үөлүллүбүт лэппиэскэ

Нууччалыы Лепёшка, выпеченная на рожне

  • Хомулуок лэппиэскэ
    ДСЯЯ

«Х» буукуба