ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыбыыр

туохтуур

Нууччалыы с шумом выпускать воздух из ноздрей, фыркать

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Таныыгынан салгыны тыастаахтык, күүскэ таһаар (үксүгэр сылгыны этэргэ)

Нууччалыы С шумом выпускать воздух из ноздрей, фыркать (обычно о лошади)

  • Бүтэй туйахтаах кыыллара биир сиргэ таба турбакка тэпсэҥнэһэллэрэ, төгүрүк туйахтарынан сири табыйаллара, таныыларын тардырҕата-тардырҕата, улахан баҕайытык тыбыыраллара.
    Далан
  • Ат аргыый тыбыырда уонна, иччитин сытын ылардыы, сымнаҕас муннунан акымалыгар сигэммэхтээтэ.
    Н. Якутскай
  • Эһэ эргийэ хааман, чугаһаатар чугаһаан иһэр, субу-субу кыланар, соруйан оҕонньору хапчытаары араастаан дьүһүлэнэр, тыбыырар, сири саралыы тарталыыр
    Л. Попов

2 туохтуур #

Туох эмэ убаҕаһы (хол., хааны) айаххынан, муннугунан тибиирэн таһаар

Нууччалыы Извергать носом и ртом какую-л. жидкость (напр., кровь)

  • Өстөөх өлөр мөхсүүтүгэр Өс номоҕо буолтун курдук Көстүбэт уолунуу Күөх сөлөгөйүнэн күскүйдэ, Абааһы уолунуу Араҕас салыҥынан тыбыырда.
    Саха фольк
  • Күтүр өстөөх Хардьыгынаан баран Хаанынан тыбыырда.
    П. Ойуунускай
  • Хаанынан тыбыыран, хардыргыы сытар атыыр бөрөнү Байанай тыынын салҕаата
    В. Протодьяконов

3 туохтуур #

Салгын баттаан, тугу эмэ (хол., паары) искиттэн таһаар, ыс (хол., сылабаары этэргэ)

Нууччалыы Изрыгать, выбрасывать что-л. из себя (напр., пар – о самоваре)

  • Кулууп таһыгар биир "Беларусь" тыраахтар үлэлээн, күөх буруонан тыбыыра турар.
    И. Сысолятин
  • Холумтан ыксатыгар турар улахан алтан сылабаар оргуйан үрүҥ күдэнинэн тыбыырда.
    ХС
  • Массыына күөх буруонан тыбыыраат, хоҥнубутунан барда
    Чолбон

4 туохтуур #

Кыатана сатаан баран, туттуммакка, салгыны муннугунан, уоскунан эмискэ таһааран күл

Нууччалыы Не сдержавшись рассмеяться, прыснуть со смеху

  • Хаста да күлэн тыбыыра түһээри гына-гына, Микиитэ арыычча туттунна.
    Амма Аччыгыйа
  • Муннукка ким эрэ күлэн тыбыырда.
    Э. Соколов
  • Бөлүөхсэн турар дьон быыһыгар ким эрэ күлэ сыһан, улахан баҕайытык тыбыырбыта. М. Горькай (тылб.)

5 туохтуур #

Эмискэ төлө биэрэн улаханнык, элбэхтик, түргэнник саҥар (уордайан, кыыһыран)

Нууччалыы Внезапно гневно, громко заговорить; ругаться, изрыгать ругательства

  • Арыпыана биир ыалдьыта туох эрэ диэбитигэр өһүргэнэн, куоскалыы тыбыыра түһээт, ааны хайа быраҕан хоһугар киирдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Саҥа хоту эргиллэ түспүтүм, сэгэриэм, [кыыс] дьэ мин киһибэр кыыһыран нууччалыы тыбыыра ахан турар эбит
    Нэртэ

6 этии #

Этиилэр

Мунна да тыбыырбат көр мурун

  • Чэ, быһата, мунна да тыбыырбат муус чэгиэн, хоһуун-хоодуот киһи эрэ тулуйар айана. ВВ ЫСЫ. Били инбэлиит, ыарытыгаммын диэнэ ханна да суох, өссө эбии уойан, мунна да тыбыырбакка сылдьан кэлбит. ХБИДК. Күнү быһа ууттан тахсыбатахпыт да, ким да мунна да тыбыырбатаҕа.
    ЭК

Мунна тыбыырар көр мурун

  • Архип мунна тыбыырыар диэри араатардыыр.
    ХС
  • Ср. саг. тым ʽфыркатьʼ, ДТС тамур ʽкапать (напр., о крови из носа)ʼ

«Т» буукуба