ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көҕүл

аат тыл

Нууччалыы прядь гривы, падающая на лоб лошади; челка

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Сылгы сүүһүн саба түһэр илин сиэлэ

Нууччалыы Прядь гривы, падающая на лоб лошади; челка

  • Оҕонньор атын хоҥоруутун соппохтоото, көҕүлүн көннөрдө.
    Амма Аччыгыйа
  • Бааска -- атын көҕүлүн имэрийбитэ
    Далан

2 аат тыл #

Көтөр баттаҕын уһун түүтэ

Нууччалыы Клок перьев, торчащий на голове птиц; хохол

  • Умсаах көҕүлэ.
  • Көҕөн кус көҕүлүн түүтүн курдук.
    С. Васильев
  • Көҕөн кус көҕүлүн Тэлгэппит диэх курдук Көҕөрө долгуйар Күөх сыһыы көһүннэ
    С. Васильев

3 аат тыл #

Киһи сүүһүн саба түһэ сылдьар сүүмэх баттаҕа

Нууччалыы Челка. Сүүспүн сабар сүүмэх көҕүл бараммыт. Баал Хабырыыс. Мөлтөөбүт өттүлэрэ төбөлөрүн санньытан, уһун көҕүллэрин төҥкөтөн бараллара. В. Короленко (тылб.). // Киһи баттаҕын чорбойо үүммүт сүүмэҕэ. Клок длинных, торчащих вниз волос человека; вихор. Кэтэҕэр уһун синньигэс көҕүлү тоҕо эрэ Аһынан кырыйбакка хаалларбыттар. И. Гоголев. Ср. тюрк. -монг. гөкүл, кэкил ‘хохол, челка’

4 этии #

Көрү-нары көҕүлүттэн тут - дуоһуйуоххунан, баҕаҥ ханыар диэри көрүлээ-нарылаа Көрү-нары чараҥнаах сиргэ көҕүлүттэн тутарбытын сөбүлүүбүт. Багдарыын Сүлбэ. Бырааһынньыктарга көрү-нары көҕүлүттэн тутабыт. КФП БАаДИ

Нууччалыы Веселиться, играть, развлекаться вдоволь, до полного удовлетворения

5 этии #

Нууччалыы В старину: первая (почетная) нара вдоль южной стены юрты

  • Көҕүл олох эргэр. - балаҕан соҕуруу эркинигэр сыста оҥоһуллар бастакы орон; бастыҥ орон Бастыҥ ороммут - көҕүл олох уонна ортоку ороммут - дьогдьуур олох хоноһолор суохтарына куруук кураанах тураллара.
    И. Гоголев
  • Хаар маҕан баттахтаах, бытыктаах ытык кырдьаҕастары -- бастыҥ мааны көҕүл олоххо олордуталаабыта. Далан

«К» буукуба