ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэски

аат тыл

Нууччалыы чуб, челка

I

1 аат тыл #

Киһи сүүһүн саба түһэр баттаҕа

Нууччалыы Чуб, челка

  • Үөһэ тыынна. Бэскитэ сирэйигэр саба түспүтүн сөбүлээбэтэхтии өрө анньынна.
    М. Доҕордуурап
  • Толоон уола Ганя, хара бэскитин кэҕис гынан кэбиһэ-кэбиһэ, оһуохай таһааран чоргуппута.
    П. Аввакумов
  • Сүгэ балта тыллаах-өстөөх, Дакылаатчыт - Ымыы кыыс, Чаҕылыйан туран кэллэ, Кылгас соҕус бэскитэ Кэтит сүүһүн саппытын Кырыбыайка уһугунан Кэлти тараан таһаарда
    Күннүк Уурастыырап
II

2 аат тыл #

Ыйааһын (кыраны, киилэнэн, кыраамынан ыйыыр ыйааһын), аптека ыйааһына

Нууччалыы Весы (аптекарские)

  • Үрэкиин кыракый бэскини ылан, ородобуой “дьыалатын” ыйаан көрдө; икки аҥаар муунта буолла, онтун тирии матаҕаҕа хаалаата.
    Болот Боотур
  • Бирикээсчик көмүһү ыйыыр бэскитигэр ууран төһө ыйааһыннааҕын билбитэ.
    Н. Якутскай
  • Биһиги ыйааһыммыт Бэскигэ тарпыта. Биһиги суолтабыт Биэс дойдуга биллибитэ!
    С. Васильев

«Б» буукуба