Перевод с якутского
ыйааһын
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы повиснуть на ком-чем-л. (на руках). [Күкүр Уус:] Оҕом баара буоллар, кэлэн моонньубар ыйааста түһүө этэ
English hanging
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Кимиэхэ-туохха эмэ илиигинэн хатана, ыйана түс
Нууччалыы Повиснуть на ком-чем-л. (на руках). [Күкүр Уус:] Оҕом баара буоллар, кэлэн моонньубар ыйааста түһүө этэ
Киниэхэ олус үөрбүт кини доҕоро, кини туһуттан бөртөлүөккэ ыйааста сылдьыбыт, өлөрүн да кэрэйбэтэх хоһуун уол утары сүүрэн иһэрэ. У. Захарова Ким эрэ кэнниттэн ыйааста түһэн баран, хараҕын саба тутта. ХС [Оҕолор] тииккэ ыйаастан илиилэрин, атахтарын бараатылар Чолбон
2 аат тыл #
Ким-туох эмэ төһөнү үктүүрүн, төһө ыараханын быһаарар тэрил
Нууччалыы Прибор для определения веса кого-чего-л., весы
Бу эбэм бокуонньук ыйааһына. Төбөм остуолтан быгар буолуоҕуттан кыҥастаспыт ахан тэрилим тураахтаатаҕа. П. Тобуруокап Ыйыырга таба түмүктэри ылар наадатыгар, ыйааһын олоҕо сытыарытык олордуллуохтаах. ПАВ Ф-6. Уолаттар килиэби харса суох кыра куһуок гына быспытынан бараллар, ыйааһыҥҥа уура охсон ылаллар Кыым
3 аат тыл #
Ким-туох эмэ төһөнү үктүүрэ, төһө ыарахана
Нууччалыы Тяжесть кого-чего-л., определяемая взвешиванием
Госпиталга балтараа ый сыппытым кэннэ бу дойдубар ыыттылар -- ыйааһыным аҥаарын кэриҥин сүтэрбит этим. С. Маисов "Ыйааһыныҥ нуорманы таһынан барбыт, олус эбиллибит", – диэн быраастар сэмэлээбиттэрэ. ЛМ А. Бу искириипкэ ыйааһына хотуобай искириипкэтээҕэр чэпчэки уонна тыаһа өссө үчүгэй буолбут этэ ЧАИ СБМИ
4 аат тыл #
Ким эмэ аптарытыата, кимиэхэ эмэ оҥорор сабыдыала
Нууччалыы Авторитет, влияние, вес
Ыйааһына чэпчээбит, сыаната түспүт киһи (өс хоһ.). Ыйааһына арыый чэпчээн сылдьар. Амма Аччыгыйа Ийэ дойду көмүскэлин бэтэрээннэрэ үлэҕэ-хамнаска эрэ буолбакка, олоххо-дьаһахха, сиэр-майгы боппуруостарыгар да ыйааһыннара улахан АДГ СКУо
5 этии #
Мэһэмээн ыйааһын эргэр. – ыйааһын быһыытынан туттуллар хаппахтаах кыра туос иһит (мэһэмээн) (үрдүгэ 13-14 см, айаҕын диаметра – 14 см. Онно биир киилэ кэриҥэ арыы, үүт киирэрэ. Ол иһин ыйааһын кээмэйин быһыытынан туттуллара) Сахалар эти, бурдугу, арыыны мэһэмээн ыйааһыҥҥа ыйаан ылсаллара-бэрсэллэрэ. МАП ЧУу.
Нууччалыы Берестяная посуда, высотой около 13-14 см, диаметром отверствия – около 14 см, служившая до революции мерой для масла, молока и пр., вмещавшая около одного килограмма
Этиилэр
Өлүү ыйааһын көр өлүү II
Үүт өлүү ыйааһына ареометр диэн судургу оҥоһуулаах прибор уонна 250 мл. истээх силииндир көмөтүнэн бэрт дөбөҥнүк быһаарыллар. НАА ҮүЫаАХТ. Убаҕастар өлүү ыйааһыннарын быһаарарга ареометрынан туһаналлар. КДМ Х
Тыыннаах ыйааһын көр тыыннаах
Сүөһү тыыннаах ыйааһынын чуолкайдык билэргэ, ыйаан көрүллэр. КПЫ. Эмнэрэн улаатар ньирэйдэр тыыннаах ыйааһыннарынан уонна саастарынан биир тэҥ буолаллара ирдэниллэр. ПНС ЫСҮө.
Хаантаар ыйааһын көр хаантаар
Былыр хаантаар ыйааһынынан тутталлара.
Ыйааһын чааскыта
ыйааһыҥҥа баар икки төгүрүк хаптаҕай тэриэлкэлэртэн биирдэстэрэ.
Одна из двух круглых и плоских тарелок у весов.
Уулаах бытыылканы ыйааһын чааскытыгар олордон баран, киирэлэри ууран тэҥнээҥ. КВА Б. Ыйааһыны тэҥнииргэ ыйааһын атын чааскытыгар кыра киирэлэри уурарга тиийиллэр. ПАВ Ф-6