ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыыннаах

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы такой, который дышит, живой. [Алааппыйа эмээхсин:] Тыыннаах киһи буолан бараммын хайдах саҥарбат буолуомуй!

English alive, animated, lively, living

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

Тыынар, олох олорор

Нууччалыы Такой, который дышит, живой. [Алааппыйа эмээхсин:] Тыыннаах киһи буолан бараммын хайдах саҥарбат буолуомуй!

  • Аҕаҥ, ийэҥ тыыннаахтар. Сорох ардыгар нэһилиэккэ кумалаан буолаллар, сорох ардыгар дууһа быстыбатынан тыыннаах эрэ бэйэлэрин балаҕаннарыгар ыал буолан дьаабыланаллар.
    Эрилик Эристиин
  • – Суох, эти ылбаппын, – диэтэ атыыһыта. – Аны үс-түөрт хонугунан өрүскэ сүөһү үүрдэрэбин, онон тыыннаах сүөһүнэн биэрдэххинэ эрэ ылар оҕонньорбун
    Күндэ

2 даҕааһын #

Үүнэ, силигилии турар (айылҕа, от-мас туһунан этэргэ)

Нууччалыы Находящийся в состоянии роста, цветения (о природе, растениях)

  • Тырым таас түннүктэргэ Тыыннаах сибэккилэр Дыргыйа үүнэн кэйэллэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үүнэр от-мас тыынар тыынын иһиллиирим, Тыыннаах айылҕа саҥатын сабаҕалыырым.
    С. Зверев
  • [Москва олохтоохторо] артыыстары, тыйаатыр салайааччыларын тыыннаах сибэккилэринэн сабыта тамнаабыттара.
    АҮ
Өссө холобурдар (3)
  • Тыыннаахтар бу малларынан туһамматтар. Бу маллар бэйэлэрэ тыыннаахтарынан эмсэхтэнэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһиги киэҥ тайҕабытыгар элбэх сүүрүк устар. Онтон бииргэ туох баар тыыннаах бары мустар.
    Н. Тобуруокап
  • Өлбүтү кытта ким да өлбөт, тыыннаах тыыннааҕы саныыр
    Н. Ефремов

3 даҕааһын #

Убатыллыбатах, ыраас (испиир туһунан этэргэ)

Нууччалыы Неразведённый, чистый (о спирте)

  • Бандьыыттар аһаары отууну тула мусталлар, хас да иһит тыыннаах испиири аҕалаллар.
    Н. Якутскай
  • Хаһан эмэ, биллэн турар, тоҥноҕуна-хаттаҕына, тыыннаах испиири да кэтэрдэр буолара да, аһыы ууга баҕас сааһыгар ылларбатаҕа.
    В. Гаврильева
  • Тоҕо-хоро сэһэргэһэ олордохторуна устудьуоннартан хайалара эрэ тыыннаах испиири уолаттар иннилэригэр: "Кыайыыны сууйуоҕуҥ", – диэбитинэн уурар.
    НЕ

4 аат тыл #

суолт. Сибилигин олох олорор, өссө өлө илик харамай

Нууччалыы Ещё не умершее, живое существо

5 этии #

Этиилэр

Билэр аҥаардас ийэни, Бу уол

тыыннаах тулаайаҕа.

  • Баал Хабырыыс

6 этии #

Нууччалыы Всё живое: существа, растения

Этиилэр

Тыынар-тыыннаах

сиргэ баар тыыннаах барыта: харамайдар, үүнээйилэр Былыр дьөһөгөй байҕал кытыытыгар ийэ-моҕой кыыл сытан эрэ сири сиэн, ууну иһэн, бэйэтэ-бэйэтиттэн сиэмэлэнэн, хамныыр-харамайы, тыынар-тыыннааҕы үөскэппит эбит.

  • Олох диэн тыынар-тыыннаахха баҕалаах-ымсыылаах да суол буоллаҕа… ордук бу тиһэх күн тирээн кэллэҕинэ.
    Н. Заболоцкай
  • Үөл-дьүөл хараҥаҕа Дайыыла бэрт өр тулуйан, хараҕын араарбакка өстөөҕүн одуулаһа сыппыта да, антах мэлдьи им-дьим, тыынар-тыыннаах суоҕун курдук этэ.
    Д. Таас

Тыыннаах муннук көр муннук

  • Куһу оскуола тыыннаах муннугар биэрбиттэрэ.
    Далан
  • [Ольга Матвеевна:] Сидоровна, Тима Максимов Дималыын тыыннаах муннукка куруолуктары көрсүөн-харайсыан баҕарар этэ ээ.
    И. Семёнов
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕолор кинини тыыннаах муннуктарыгар аҕалан, кынатын тоһуппут турааҕы, куоскаҕа кутуругун аҥаарын быһа тартарбыт чооруоһу, эриэн үөнү, быыкайкаан дьуоһу уонна баҕаны көрдөртүүллэр. ОВИЛТ.

Тыыннаах ыйааһын

тыыннаах сүөһү биитэр кыыл ыйааһына (идэһэ ыйааһына мантан атын буолар).

Вес животного в живую, живой вес.

  • 1976 сыллаахха 1316 сэнтиниэр тыыннаах ыйааһыннаах 1497 таба судаарыстыбаҕа туттарылынна. ПДИ КК. Өрөмүөннүүр бөлөххө хаалбыт тыһы борооскулар биирдиилэрин тыыннаах ыйааһыннара ортотунан 320 киилэ буолбута. ДНС ЫСИИиУо. Ыанар ынахха тыыннаах ыйааһыныттан уонна үүтү-аһы биэрэриттэн көрөн сууккаҕа 20-40 киилэҕэ диэри сиилэһи бэриллиэхтээх.
    САС

«Т» буукуба