Перевод с якутского
хатырык
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы кора
English bark
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Нууччалыы кора
English bark
Holonym: мас (mas, “tree”)
2 аат тыл #
Нууччалыы чешуя
English scale
Holonym: балык (balïk, “fish”)
3 аат тыл #
Мутукчалаах мас умнаһын, лабааларын таһа, хаҕа
Нууччалыы Наружный покров ствола, стебля хвойных деревьев, древесная кора
Бэс ыйыгар эр дьон тыаҕа тахсаннар, куруҥ маһы кэрдэллэр, кыһын оттуллуохтаах үөл мастары моойдууллар, хатырык хастыыллар. И. Аргунов Биһиги эрабыт бастакы үйэтигэр кытайдар кумааҕыны айбыттара; кумааҕыны өрбөхтөн, хатырыктан уонна бамбуктан оҥороллоро. КФП БАаДИ. Мас хатырыгыттан ревматизмы, моҕой тигиитин утары эмтэри оҥороллор, бытарытыллыбыт хатырыгы бааска куталлар ДьДьДь
4 аат тыл #
Балык этин бүтүннүү сабар, бытархай төгүрүктүҥү сыстыһа сытар чараас кытаанах хаҕа
Нууччалыы Чешуя. Сыгынньах харытыгар собо хатырыга килбэчийэр. И. Гоголев. Кыаһай оҕонньор балыгын солуурга буһара уурбута, тыыннаах соболор хатырыктара дьуккуруйбут ыарыытыгар мөхсөннөр, уот өһүөр дылы ууну чалбааттаан кэбистилэр. Эрилик Эристиин. Балык улаатан истэҕин аайы хатырыктара эмиэ улааталлар, онон кинилэринэн көрөн балык сааһын быһаарыахха сөп. ББЕ З
Хатырык ураһа. Тиийэн көрбүтүм – оҕонньорум хатырык отуутун онно эрэ харааран хаалбыт. Н. Неустроев Самнайбыт хатырык хоспох аттыгар, аҕата балыктаан кэлэрин кэтэһэн, -- аҕыстаах уол Уоһук олорор. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Биһиги үгэхпитигэр баар үүт уурар умуһах икки хатырык сабыылаах этэ Н. Босиков
5 даҕааһын #
суолт. Мас хатырыгынан оҥоһуллубут, бүрүллүбүт
Нууччалыы Сделанный из древесной коры, покрытый ею
6 этии #
Этиилэр
Көмүс хатырыктаах көр көмүс II
Сахам сирин мин таптаан ыллыыбын: Көмүс хатырыктааҕы үөрдүүрүн, Уоттаах саһылынан далбаатыырын, Кыһыл көмүһүнэн күлүмнүүрүн. П. Тулааһынап Уһун оттоох дагдаҥнас кутанан тулаламмыт уһун күөл килэгир таас ньуурун ахса биллибэт көмүс хатырыктаахтарынан дьирибинэтэ оонньотон ньолбоорор. П. Аввакумов
Мас хатырыгын курдук көр мас
Ойоҕоскор хатырыкта угун көр ойоҕос
"Бука сарсын ойоҕоскутугар хатырык угуннаххытына сатанара буолуо", – диэн Өлөксөөндүрэ эмээхсин хаадьы-күлүү аҥаардаах сэрэтэлээтэ. Н. Босиков этирик түөстэн көр түөс II. Кини ырыатыгар Өргөннөөх кыра-дьадаҥы дьонноро устан ааспыт урукку бириэмэҕэ -- хараҥа батталга хам тэпсиллэн хатыҥыр бэйэлэнэн, хатырык тириилэнэн, этирик түөстэнэн, чэрдээх илиилэнэн -- сылдьыбыттара -- ахтыллан, субу баар курдук көстүтэлээн ааста. Эрилик Эристиин
Хатырык угун
ойоҕоскор хатырыкта угун диэн курдук (көр ойоҕос).
Бүөччэ -- үчүгэйдик хоонньугар хатырыкта уктан баран кэлэ оҕустун, баҕар, декаҥҥа киирэрбитин баттаһыахпыт. Суол т
7 этии #
Этиилэр
Хатырык (таҥалай) куйах көр куйах
Модьу киһиэхэ хатырык куйах кэтэрдэллэр эбит. Мөлтөх киһиэхэ тирэх куйах. Саха сэһ. I.
Хатырык хомурдуоһа (үөнэ) көр хатырыксыт
ДТС, тюрк. хадыз, казырык