Перевод с якутского
сутука
аат тыл
Нууччалыы легко отделяемая, мягкая кора тальника или молодой ивы, лыко
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Талах эбэтэр саҥа үүммүт үөт дэбигистик хастанар, сымнаҕас хатырыга
Нууччалыы Легко отделяемая, мягкая кора тальника или молодой ивы, лыко
Сытыы быһах инчэҕэй талахха халтарыйдаҕын аайы, үрүҥ сутука сыыйыллан аҕабыт ньилбэгиттэн сиргэ түһэрин дьиэ кэргэн бүтүннүү одуулаһан олордубут. А. Сыромятникова [Мөрүөн] табахтыыр кэмигэр Маайыс чыпчаххай гынар талаҕын сутукатын тииһинэн хастыы-хастыы, айаҕа хам буолбат Д. Таас
2 аат тыл #
Үүнэн турар мас хатырыгын уонна этин икки ардынааҕы сымнаҕас субата (саас баар буолар)
Нууччалыы Мягкий слой непосредственно под корой лиственничного дерева, луб
От үөрэҕэ мас сутукатын былаан, Олорбута кини [Дьэбдьиэ] үлэлээн-хамнаан. Н. Босиков Дьон бары ити кэмҥэ титирик сутукатын сииллэрэ. ПИС СТС. Эдэр мас хатырыгын хастыыллара, онтон сутукатын ылаллара. Ю. Чернов (тылб.)
3 этии #
Нууччалыы Очень бедный, нищий (букв. пояс из лыка). – Дьэ, сутука курдар олус күннээн эрэллэр
Этиилэр
Сутука кур (курдаах)
дьадаҥы, туох да баайа-дуола суох Эн улахан, саҥа лааппыгын "Народнай лааппы" диэн ааттаабыттар.
Эн буоллар сүөһүҥ сири сапта, итини биир киэһэ уоттаан кэбиһиэхтэрэ. Кинилэргэ суох буолла да, атыттар эмиэ кинилэр курдук сутука курдаах буолуохтарын баҕараллар. А. Сыромятникова
4 этии #
Нууччалыы Молодой наружный слой древесины сосны, лежащий непосредственно под корой, заболонь (раньше употреблялась в пищу)
Этиилэр
Бэс сутуката
бэс хатырыгын аннынааҕы сымнаҕас субата (урут буһаран тарга, суоракка булкуйан сииллэр этэ) Бэс сутукатын ууга буһаран баран быыкаайык тооромос тары холбуу ытыйан, күнүс биирдэ аһыыллар.
Суоракка бэс сутукатын, сайын муспут үөрэ отторун куттахтарына, син үссэммитэ буолан хоноллоро. А. Сыромятникова Астара баранан айаҕалыы сатаан саас диэкинэн бэс сутукатын, араас оту-маһы сии сатаатылар.
Г. Колесов
Сутука быа
талах сутукатын илитэн, хатаран өрүллүбүт быа.
Верёвка из мягкой коры тальника или ивы.
[Мөлчөс] кэлгиэлээх туоһун ылан санныгар күүскэ бырахпытыгар сутука быа быстан, туоһа ыһылла түһэр. КНЗ ТС. Сутука быаны атыылаан харчыны мэнээк өлөрүллүөхтээҕэ, онон холкуостаахтар -- липа маһы кэрдэн, сутукатын хастаан, илитэн быа өрөллөрө. Г. Николаева Сутука олооччу (тулламай, эмчиирэ) эргэр. – сутуканан өрөн оҥоһуллубут атах таҥаһа. Плетёная обувь из коры тальника, лапти из лыка. Дьадаҥы мин аҕам күннүктээн Сутука эмчиирэ баайара. Сынньана таарыйа миэхэҕэ Мас аты оҥорор буолара. С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
Түннүк таһыгар -- илдьи сытыйбыт сутука олооччулаах киһи турара. АМН ҮТӨ. Аҕам эргэ хортууһун хаҥначчы уурунаат, сутука олооччуну анньынаат, ыстанабын. КИ АДБ Б. Ср чулым. сойҕу ‘лыко’