ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лааҕыр

аат тыл

Нууччалыы временная стоянка со значительным числом людей под открытым небом, в палатках; лагерь

1 аат тыл #

Элбэх киһи быстах кэмҥэ дьиэтэ-уота суох (хол., балаакканан) тохтоон олорор сирэ

Нууччалыы Временная стоянка со значительным числом людей под открытым небом, в палатках; лагерь

  • Байыаннай лааҕыр. Туристар лааҕырдара.
  • Байкал кытыытыгар байыаннай үөрэххэ сылдьабыт, биһиги лааҕырбытыттан чугас холкуос баар
    Т. Сметанин
  • Быстах кэмҥэ элбэх буолан бииргэ сынньанар, үлэлиир түмсүү. Θ Место сезонного сбора людей для совместного отдыха и труда. Үлэ, сынньалаҥ лааҕыра
Өссө холобурдар (2)
  • Быстах кэмҥэ дьон бөлөхтөһүүтэ. Θ Временное объединение группы людей. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара кэлбит киэһэлэригэр икки лааҕырга хайдан сүбэлэстилэр
    Э. Соколов
  • Сайын сүөһүнү бөлөхтөөн көрөр, аһатар, мэччитэр сир. Θ Место, где летом содержится скот (обычно молодняк). Сибиинньэлэри сайын лааҕырга таһаарарга сүбэлэстилэр. КПЫ. Бастыҥ хаһаайыстыбаларга ыччат сүөһүнү кыһыҥҥы хотонноруттан сайыны быһа лааҕырга таһааран туталлар
    СИиТ

2 аат тыл #

Туох эмэ дьону туспа тутан үлэлэтэр тэрилтэ

Нууччалыы Учреждение, предназначенное для обособленного содержания и использования труда какой-л. группы людей

  • Байыаннай билиэннэйдэр лааҕырдара. Үлэнэн көннөрөр лааҕыр.
  • Ким эрэ охсуо диэбиттии төбөбүн ньыкыччы туттарым. Биһигини фашистскай лааҕырдарга ол курдук үөрэппиттэрэ. М. Шолохов (тылб.)

3 аат тыл #

Хайа эмэ дойдулар эбэтэр общественнай-политическай араҥалар бөлөхтөрө, наарданыылара

Нууччалыы Группировка каких-л. стран или общественно-политических слоев; общественно-политическое направление

  • Эйэ лааҕыра

«Л» буукуба