Перевод с якутского
лиҥкинэс
даҕааһын
Нууччалыы звучащий гулко, громко и раскатисто
1 #
лиҥкинээ диэнтэн холб. туһ. Киһи сөҕүөх, үрэх уҥа өттүгэр баай тииттэр лиҥкинэһэллэр, өргөстөөх харыйалар кэккэлэһэллэр. Л. Попов. Бэрэбинэлэр үөрэ-көтө аллара диэки сырсан лиҥкинэһэллэр. М. Доҕордуурап
2 даҕааһын #
Лиҥкинээн иһиллэр, ньиргиэрдээх
Нууччалыы Звучащий гулко, громко и раскатисто; гулкий, громкий и раскатистый (о звуках и голосе)
Лиҥкинэс тыас. Лиҥкинэс саҥа. Баар эбит манна, - Бу дохсун муусукаҕа Киэҥ тайҕа кэтит көхсүн Киҥкиниир лиҥкинэс ньиргиэрэ. С. Зверев Кини лиҥкинэс куолаһынан амарахтык саҥарара. М. Горькай (тылб.)
3 даҕааһын #
, кэпс. Улахан, бөдөҥ, баараҕай (сүнньүнэн үүнэн турар маһы этэллэр)
Нууччалыы Бросающийся в глаза крупным размером среди подобных в скоплении чего-л.; крупные, высокие (в основном о деревьях)
Ый лиҥкинэс тииттэри быыһынан, миэхэ эрэллээх доҕор буолан, ойоҕолуу сырсара. В. Титов Оонньуур сирдэрэ - лиҥкинэс мастардаах ойуур иһинээҕи отон уга.
КүндэКини хараҕар дьылыгырайбыт көнө мастардаах лиҥкинэс тыа, мэктиэтигэр, субу көстөргө дылы гыммыта. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. лиҥкир, лиһигирэс