ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

логлу

сыһыат

Нууччалыы до основания

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Кумахха илиитин батары анньан, сымара тааһы кууһан, логлу көтөҕөн ылан кумах үрдүгэр тиэрэ бырахпыт.
    И. Бочкарев
  • [Ыстапааһа] мас хамыйаҕынан сиикэй арыыны логлу баһан хобордооххо укпута, ууллан ньалҕарыйан, устан күөгэйдэ
    В. Протодьяконов

2 #

Аллараа өттүттэн ыла арааран, улаханнык түөрэ (хол., бас, быһан ыл)

Нууччалыы До основания, с корнями глубоко и большим куском (вырвать, срезать что-л.)

3 #

Тугу да ордорбокко бүтүннүү, лөглөччү

Нууччалыы Все без остатка, целиком (брать что-л.)

  • Моҕус үбүн-аһын, сүөһүтүн логлу көтөҕөн кэлэн, Сүүтүкээн эмээхсин байан-тайан өр сыл ыал буолан олорбута үһү. Саха ост. I

4 этии #

Нууччалыы Толчком, напором, снести, сдвинуть что-л. с основания; отколоть от чего-л. большой кусок

  • Логлу ас - анньан логлорут, логлу барар курдук ас; тугунан эмэ логлорутан ыл Бульдозер улахан буору логлу анньан ааспыт. Мууһу улахан гына логлу ас. Логлу оҕус - охсон логлорут, логлоруйар гына оҕус. Θ Ударом снести что-л. с основания; ударом отколоть от чего-л. большой кусок. Муус чопчулаһа тоҥмутун логлу оҕус. [Эһэ] суола, биир тииккэ тохтообут уонна өрө уунан үөһэ хатырыгы логлу охсон ааспыт.
    Болот Боотур
  • Логлу тарт - тардан логлорут, логлоруйар курдук тарт. Θ Вырвать что-л. с корнями, с землей (напр., дерево); отломить от чего-л. большой кусок. [Эһэ] сыллата, болбуктаны силистэри-мутуктары логлу тардан аҕалан, арҕаҕын аанын бүөлүүр.
    И. Федосеев
  • [Күөрэгэй] хороону батыһа сөмүйэтинэн иккитэ-үстэ үрүт буору логлу тарта.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Логлу тэп (тэбин) - 1) атаххынан тэбэн эбэтэр тэбинэн логлорут. Θ Ударом ноги снести что-л. с основания; отбрасывать копытами назад большие комья, куски земли (о лошадях, особенно о богатырском коне). Ат сылгы Түөрт хаардаах бугул саҕа Хара буору логлу тэбэн кэбистэ да -- Тус хоту диэки көтөн куугунаата. Ньургун Боотур; 2) дэлби көтөн логлорут (хол., буулдьаны, снаряды этэргэ); иһиттэн тыыллан, үллэн логлорут (хол., уу тоҥоругар үллэн алдьатарын этэргэ). Θ Срывать, сносить что-л. (о пуле, взрывной волне и т. п.); выпирать, выдавливать что-л. (напр., о замерзающей воде). Буомба кини окуопатыттан халты түспүт уонна, окуопа бүүрүгүн логлу тэбэн, лейтенаны буорунан тибэн кэбиспит. Ф. Софронов

«Л» буукуба