ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лоҥкунаа

туохтуур

Нууччалыы издавать сильный гулкий звон, гулко звенеть, гудеть (напр

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Мин санаабар: куолакаллар хоҥкунууллар, лоҥкунууллар Алтан аалыы дорҕооннор Айаара кутуллаллар.
    М. Ефимов
  • Куондараны үрдүнэн тойон куолакал лоҥкунаан, улуйан эрэрдии тыаһаан санаарҕабыллаахтык санньылыйбыта. Бу улуус кулубатын Саппыйаанабы көмөр энискэннээх тыас этэ
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Сөҥнүк дуораһыйан тыаһаа (хол., куолакалы этэргэ)

Нууччалыы Издавать сильный гулкий звон, гулко звенеть, гудеть (напр., о колоколе)

3 туохтуур #

Дорҕоонноохтук сөҥ куоласкынан саҥар

Нууччалыы Говорить громко густым басом

  • Сирэй-харах арылыйан, куолаһа лоҥкунаан, дьэ, дьиҥнээх эр киһи.
    Болот Боотур
  • Арамаан уһаат иһиттэн саҥарардыы лоҥкунаата
    С. Федотов
  • Дуорааннаахтык, сөҥнүк айаатаа, хаһыытаа (хол., сүөһүнү, көтөрү этэргэ). Θ Гулко реветь (напр., о быке) или кричать (о крупных птицах). Харалдьыкка туруйа, Дуодалдьыйан дьоһуннук, Саас кэлбитин хоһуйан Лоҥкунаата чуор-чуордук.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (4)
  • Ойуур тумул саҕатыгар оҕус айаатаан лоҥкунуура, Ынах далын иһигэр Ыыспа күөдьүйэн уйаарара
    С. Васильев
  • Сөҥнүк күүгүнээ, лүҥкүнээ (хол., ыҥырыаны этэргэ). Θ Громко жужжать (напр., о пчеле). Санааларын түмээри, куоластарын холбоору Тойон ыҥырыа лоҥкунаан кэлбит, Туора-маары кириэстии көппүт.
    П. Ойуунускай
  • Үрдүлэринэн тойон ыҥырыа эргийбэхтээн лоҥкунуур.
    П. Аввакумов
  • Тэҥн. лөҥкүнээ. Ср. турк. лоҥкулдамак ‘ехать трусцой; бежать мелкой рысью; испытывать тряску, трястись’

«Л» буукуба